Page 54 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 54

быт күөл. Бу эбэ чулуу тойуксут оҕото — Күннүк Уурастыы-
рап — киниэхэ өлбөт үйэлээх устуруокаларын анаабыта».

    Күннүк Уурастыырап хоһооннорун дириҥ ис номоҕун, тыын-
наах тылын ылыныаххыт, иҥэриниэххит диэн эрэнэбит.

Ааҕыы, ырытыы

                                   «Мин суруйааччы буолуубар, ордук тыл баайын
                              өттүнэн, Өксөкүлээх Өлөксөй уонна П. А. Ойуунус-
                              кай улахан үтүөлээхтэр-өҥөлөөхтөр. Өксөкүлээх
                              икки кинигэтин, Ойуунускай хоһооннорун уонна
                              «Кыһыл Ойуунун» нойосуус билэр этим. Уус тыл
                              умсулҕаннаах кэрэлээҕин, барҕа баһаам баайдаа-
                              ҕын мин ити бэйиэттэртэн уонна олоҥхоттон өй-
                              дөөбүтүм»....

                                                                                Күннүк Уурастыырап

                               Сааскыга

                     Саас буолан, күн уһаан сандааран,
                     Сүрэхпин үөрүүнэн уоттаата.
                     Тымныылаах кыһыҥҥы кэм ааһан,
                     Киэҥ халлаан киэлитэ тунаарда.

                     Сааскы күн көмүстээх сырдыгын
                     Чаҕыла үрдүбэр тоҕунна.
                     Иннибэр килэҥ суол халаҥын
                     Умайар толбоно уһунна.

                     Сотору, сотору үлүгэр,
                     Ыам ыйа долгуйан кэлиэҕэ —
                     Көҥүллээх кыраайбыт түөһүгэр
                     Ырыалаах, былаахтаах элбиэҕэ.

                     Сотору, сотору үлүгэр,
                     Элиэнэ эҥсиллэ дьалкыйыа,
                     Күлүмнүүр долгуннаах үөһүгэр
                     Күн уотун оргула умайыа.

                     Оччоҕо соҕуруу дойдуттан
                     Солотуу куорсуннаах суугунуо,
                     Кэрэтик сатараан, ыраахтан,
                     Кэҕэбит чоргуйа «кукууктуо».

  54
   49   50   51   52   53   54   55   56   57   58   59