Page 53 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 53
ВЛАДИМИР МИХАЙЛОВИЧ НОВИКОВ—
КҮННҮК УУРАСТЫЫРАП
Саха норуодунай бэйиэтэ
(1907—1990)
Оҕолоор, киһиэхэ төрөөбүт сирэ-
дойдута кини кутугар-сүрүгэр, майгы-
тыгар-сигилитигэр хайаан да сабы-
дыаллыыр диэччилэр. Бу туһунан но-
руодунай суруйааччы Софрон Данилов
маннык суруйар: «Владимир Михай-
лович Новиков — Күннүк Уурастыыра-
бы хантан да буолбакка, чуолаан Амма
сириттэн силистэнэн-мутуктанан үөс-
күөхтээх этэ диэх курдук санаан кэлэ-
бин. Кини киһи быһыытынан майгыта-
сигилитэ кэрэтэ, үтүөтэ, наҕыла, айыы
тыыннааҕа, бэйиэт быһыытынан ырыа-
та-тойуга сырдыга, ырааһа, дьэҥкэтэ,
нарына-намчыта хайдах эрэ төрөөбүт сиригэр дьүөрэлээх».
Иван Григорьевич Спиридонов1 Күннүк Уурастыырап айыл-
ҕаны ойуулуур сүрүн уратытын туһунан суруйбутун ааҕыаҕыҥ:
«Күннүк Уурастыырап айылҕата хамсаабат хартыыналартан
улам уларыйан тыынар, тыллар, тыалырар, нусхайар, тэтэрэр,
симэнэр, барҕарар, эбиллэр, муҥутуур буолан испиттэрэ. Ки-
ни айгыр-силик айылҕаны сүнньүнэн дууһа үөрүүтүн быһыы-
тынан суруйар курдук өйдөбүл баар. Ол даҕаны улахан ситиһии
буолуон сөбө. Оттон дьиҥэр кини айылҕаны айыыта дириҥ
ис хоһоонноох, силистээх, төрүттээх. Теорияҕа ону концеп-
туальнай2 диэхтэр этэ. Ити көстүү Уурастыырап айар үлэтин
усталаах-туоратыгар сыһыаннаах. Ол эрээри бэйиэт итини
олоҕун — ол аата айар үлэтин — түмүктүүр түһүмэҕэр ордук
чиҥэтэн, ардыгар аһаҕас билинии көрүҥнээн суруйталаабы-
та. Бигэргэтэр холобурунан бэйиэт бу дойдуттан арахсарыгар
кэриэс кэриэтэ айан хаалларбыт «Тукулутта буоруттан» диэн
хомуурунньуга буолуон сөп. Ааттыын да айылҕаттан айдарыл-
лыбыт айымньы. Ааптар быһаарарынан, «Тукулутта» — Эмис
саамай улахан эбэтэ. Анды түһэринэн, эмис соботунан аатыр-
1 И. Г. Спиридонов — кириитик, чинчийээччи быһыытынан үлэлэрэ саха ли-
тературатын устуоруйатын араас өрүттээх боппуруостарын киэҥник хабан сыана-
лыыллар, ырыталлар.
2 Концепция — айымньы сүрүн санаата.
53