Page 56 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 56

Тыыннаах тыл

  Сахабыт сиригэр саас кэлиитэ өрүү барыбытыгар да үөрүү-
      лээх. Эн сааскы айылҕа ханнык көстүүлэрин сөҕө, таптыы
      көрөҕүн? Бэйиэт бу строфаларга сааскы айылҕа киһи са-
      наатын көтөҕөр, инникигэ эрэллиир түгэннэрин хайдах
      тыыннаан хоһуйбутун хараххар ойуулаан көр, кэпсэтиигэ
      кыттыс.

       Саас буолан, күн уһаан сандааран,
      Сүрэхпин үөрүүнэн уоттаата.
      ...

      Сааскы күн көмүстээх сырдыгын
      Чаҕыла үрдүбэр тоҕунна.

  «Сааскыга» диэн ырыа буолбут хоһооҥҥо Күннүк Уурас-
      тыырап үлэһит дьон күннээҕи олоҕун, үлэтин-хамнаһын
      хайдах хоһуйбутуй?

      Ол кэмниин сэргэстии, даҕаһан,
      Бурдукпут ыһыыта буолуоҕа.
      Үлэҕэ куотуһан-хатыһан,
      Үрдүк күүс күргүөммүт туруоҕа.

      Холкуоска — булууктаах, тараахтаах
      Уонунан, сүүһүнэн бурҕайыа.
      Сеялка, массыына, тыраактар
      Оройуон аайытын тарҕаныа.
      ...

      Былааны аһара толорон,
      Кэхтибэт кэккэнэн кимиэхпит.
      Кэскиллээх олоҕу оҥорон,
      Киэҥ дорҕоон хоһуйуом.

  Бэйиэт туох санааттан хоһоонун маннык тылларынан түмүк-
  тээбитэ буолуой? Сэһэргэһиҥ.

      Оччоҕо сэтэрэн тураммын,
      Мин эбии ырыанан оргуйуом,
      Оһуордаах тыллары буламмын,
      Олоҕу ойуулаан хоһуйуом.

56
   51   52   53   54   55   56   57   58   59   60   61