Page 61 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 61
Ааҕыы, сэһэргэһии
«А. С. Пушкины мин, кырдьык, үгүстүк аах-
пытым, истиҥник таптыыбын, киниттэн элбэххэ
үөрэммитим. Ол иһин мин айар үлэбэр Ойуунус-
кайтан, Өксөкүлээхтэн ураты литературнай са-
быдыал баар эбит буоллаҕына, саамай улаха-
на Пушкин киэнэ буолуо дии саныыбын... Мин
үҥэр айыым, үрдүк таҥарам — А.С. Пушкин.
Улуу бэйиэти мин оччо таптыыбын, ытыктыыбын,
билинэбин, биһириибин. Мин соҕотохпор түүн,
күнүс кини аатын мэлдьи сибигинэйэн эрэ аат-
тыыбын».
Күннүк Уурастыырап
Кыһыҥҥы суол
(А. С. Пушкинтан)
Долгун, будул туманнарга
Чомполонон, ый устар,
Санньы-курус хонууларга,
Санааргыы, уотун кутар.
Кыһыҥҥы хобдох суолунан
Торуойка ат айанныыр,
Чуораан биир лыҥкыр тыаһынан
Салгыылаахтык кылырдыыр.
Туох эрэ кэрэ иһиллэр
Куучар уһун тойугар:
Арыт санаа эймэлгэнэ,
Арыт сүрэх чуҥкуга...
Иттэр сир-ыал суох, кураанах…
Тыа да хаар… Өтөр-өтөр,
Арай эриэн дьураалардаах
Биэрэстэлэр көрсөллөр.
Хобдох, курус… Сарсын, Нина,
Сарсын дьиэбэр тиийэммин,
Көмүлүөкпэр иттэ-иттэ,
Көмүсчээммин таптыам мин.
Биир тэҥник чаһы тыһырҕаан,
Бириэмэ улам барыа.
Түүн үөһэ, үксү араартаан,
Биһигини хаалларыа.
61