Page 63 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 63

Тыыннаах тыл

                     «…Владимир Михайлович хайдах курдук
                 кичэйэн, Пушкины хас биирдии тылын-өһүн,
                 хоһооннорун дорҕооннорун, музыкальноһын,
                 уопсай тыынын, тутулун сүтэрбэккэ эрэ, үр-
                 дүк уус-уран маастарыстыбалаахтык сатаан
                 сахалыы саҥардыбытай?»

                                                                Н. Н. Тобуруокап

Күннүк Уурастыырап тылбаасчыт быһыытынан маастарыс-
    тыбата туохха көстөрүй? Хоһооннор строфаларын тэҥнээн
    көрөн кэпсэтиигэ кыттыс.

Долгун, будул туманнарга   Сквозь волнистые туманы
Чомполонон, ый устар,      Пробирается луна,
Санньы-курус хонууларга,   На печальные поляны
Санааргыы, уотун кутар.    Льёт печально свет она.

«Кыһыҥҥы суол»             «Зимняя дорога»

Халлааны хараҥа сабар,     Буря мглою небо кроет,
Хаары буурҕа ытыйар;       Вихри снежные крутя;
Арыт кыыллыы улуйбахтыыр,  То, как зверь, она завоет,
Арыт ытаан ылбахтыыр.      То заплачет, как дитя.

«Кыһыҥҥы киэһэ»            «Зимний вечер»

Бэйиэт айымньыларыгар кыһын уобараһын хайдах арыйа-
    рый? Киһи туругун, иэйиитин ханнык уобарастарынан көр-
    дөрөрүй?

       Бырастыы, Кавказ

Бырастыы эн, Кавказ, мин бардым
Муҥутуур Москва куоракка.
Мин ааппын суруйан хааллардым
Эн үрдүк, үйэлээх очуоскар.

Өйдүүгүөн, хаайыылаах бадахтаах,
Үүрүллэн сылдьыбыт поэты, —
Хап-хара куудара баттахтаах
Хаарыаннаах үчүгэй бэйэтин?

                                           63
   58   59   60   61   62   63   64   65   66   67   68