Page 65 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 65
Бырастыы, бырастыы, мин бардым,
Бирибиэт Пушкиҥҥа тириэрдиэм!
1936 с.
Тыыннаах тыл
Эйигин дойдубар тиийэммин
Элбэхтик ахтыаҕым, саныаҕым.
Эгэлгэ тылларбын тиһэммин,
Эйиэхэ ырыабын аныаҕым.
Хоһоон бүтэһик строфатын болҕойон ааҕыҥ. Туох санаа
этиллибитин, «Бырастыы, Кавказ» диэн хоһоон хаһан, хайдах
суруллубут устуоруйатын туһунан иһитиннэриитэ бэлэмнээҥ.
АЙАР, АЙЫМНЬЫЛААХ ҮЛЭ
1. «Күннүк Уурастыырап — лирик-бэйиэт».
2. «В. М. Новиков—Күннүк Уурастыырап — дьол, таптал
ырыаһыта».
3. «Бэйиэт Күннүк Уурастыырап — исти² иэйии, нарын тап-
тал, сырдык санаа кэрэ´итэ».
4. «Күннүк Уурастыырап Пушкиҥҥа».
5. «Күннүк Уурастыырап хоһоонноругар тыыннаах тыл ты-
рыма».
Билиэн-көрүөн баҕалаахтарга
И.Е. Федосеев хомуйан оҥорбут «Хатаппын саҕабын» кини-
гэ ис хоһоонуттан Күннүк Уурастыырап бэйиэт, суруйааччы
быһыытынан, төрөөбүт норуотун кытта ыкса уонна чугас
ситимнээҕэ, сибээстээҕэ ырылыччы көстөр. Эһиги бу ки-
нигэҕэ киирбит бэйиэт литература туһунан суруйууларын,
ахтыыларын, ыстатыйаларын хоһооннорун, поэмаларын
курдук, астына, биһирии ааҕыаххыт диэн эрэнэбит.
«Хатаппын саҕабын» кинигэттэн В.М. Новиков туһунан
Амма Аччыгыйын, атын доҕотторун ахтыыларын булан
ааҕыҥ. Бэйиэт олоҕор тугу ордук өрө тутар, таптыыр, сыа-
налыыр эбитий? Ол туһунан Күннүк Уурастыырап бэлиэ
этиилэрин булуҥ.
65