Page 66 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 66
Күннүк Уурастыырап «Талыллыбыт айымньыларын» ааҕан,
лирическэй хоһооннорун тиэмэнэн наардааҥ. Бэйиэт ордук
туох туһунан, ханнык тиэмэҕэ хото үлэлээбит, айбыт эби-
тий?
Күннүк Уурастыырап саха литературатыгар туох саҥаны
киллэрбитин туһунан кэпсэтиһиҥ.
Аах. Бил. Туһан
1. Күннүк Уурастыырап туһунан ахтыылар / Хомуйан оҥордо
Кириллин Д.В. — Дьокуускай : Бичик, 1993.
2. Күннүк Уурастыырап. Хатаппын саҕабын: ыстатыйалар, бэ-
лиэтээһиннэр, ахтыылар, этиилэр. — Дьокуускай : Кинигэ
изд-вота, 1979.
3. Федоров Е. Тыл бөдөҥ маастара // Хотугу сулус. — 1982. —
5 №. — С. 96—98.
НИКОЛАЙ ЕГОРОВИЧ МОРДИНОВ—АММА АЧЧЫГЫЙА
Саха норуодунай суруйааччыта
(1906—1994)
Т³р³³бүт норуотугар баай, үйэлээх
нэ´илиэстибэни айан хаалларбыт са-
ха норуотун тапталлаах суруйааччыта
Николай Егорович Мординов—Амма Ач-
чыгыйа 1966 сыллаахха бэчээттэм-
мит «Алдьархай» сэ´энин дьи² олох-
хо буолбут түбэлтэҕэ олоҕуран айбыт.
Ол ту´унан ааптар бу курдук суруйар:
«Самолёт алдьанан, кы´ы²²ы иччитэх
тайҕаҕа ³л³р-быстар кутталга киирбит
дьоннортон биир комсомолец то²уу
хаарынан ыарахан айаны айаннаан
киирэн, холкуостаахтары булан та´аа-
ран, дьонун быы´аабыт» диэн оччо бы-
´аарыыта суох ү´үйээни 1943 сыллаахха истэн а´арбытым.
Онтон элбэх сыллар-хонуктар ааспыттарын кэннэ, биирдэ
ыалдьан балыы´аҕа киирэммин, ыары´ахтар ортолоругар били
комсомоле´ы к³рс³ түспүтүм. Кини биллэр сэбиэскэй үлэ´ит
буолбут этэ уонна т³рүт да улаханы о²орботох курдук са-
наабыт ³рд³³ҕү сырыытын ту´унан кэпсиэн баҕарбат этэ. Ол
66