Page 62 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 62
Курус, Нина: суол салгыылаах.
Куучар нуктаан хам барда,
Чуораан тыаһа биир тардыылаах,
Ый ньуура туманнырда.
Кыһыҥҥы киэһэ
(А. С. Пушкинтан)
Халлааны хараҥа сабар,
Хаары буурҕа ытыйар;
Арыт ытаан ылбахтыыр,
Кыыллыы улуйбахтыыр,
Арыт соһуччу дьиэ үрдүн
Соломотун сахсыйар;
Арыт биһи түннүкпүтүн
Айанньыттыы тоҥсуйар.
Эргэ, хаарбах, самнархай дьиэм
Санааргыы хараҥарда.
Эт, туохтан мин эмээхсиниэм,
Саҥаҥ-иҥэҥ ах барда?
Баҕар, доҕоруом, буурҕаттан
Саллыбытыҥ буолаарай?
Баҕар, хатар мас тыаһыттан
Утуктууруҥ буолаарай?
Үгүс муҥнаах оҕо сааһым
Үтүө доҕороо, иһиэх!
Иһиэх, кут, ханнаный чааскым? —
Харыастар сүрэх чэпчиэ.
Ыллаа, муора уҥуор хайдах
Татыйык олорбутай,
Ыллаа, сарсыарда кыыс хайдах
Уутун баһа барбытай?
Халлааны хараҥа сабар,
Хаары буурҕа ытыйар;
Арыт кыыллыы улуйбахтыыр,
Арыт ытаан ылбахтыыр.
Үгүс муҥнаах оҕо сааһым
Үтүө доҕороо, иһиэх!
Иһиэх, кут, ханнаный чааскым? —
Харыастар сүрэх чэпчиэ.
62