Page 59 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 59
Туйгун, мааны мин Эбэм,
Тукулутта барахсан,
Илин сарыал имигэр
Иэйэ, сырдыы сыдьаайар,
Абыла²наах мичилин
Ама хайаан умнуомуй.
М³хс³ кыынньар оргуллаах,
М³´үүрэлээх долгуннаах
Тукулутта Эбэкэм
Толорутук угуттаан,
Күндүл күннүүн уура´ан,
Күлүмнүүрүн с³ҕ³ммүн,
Долгуйбутум күү´үттэн,
Дуу´абыттан ыллаатым!..
? Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Күннүк Уурастыырап Тукулутта эбэни дьүһүйүүтүн харах-
хар ойуулаан көр (тулатын, өҥүн-дьүһүнүн, салгынын), сөп-
төөх турукка киирэн бэйэҥ көрүүгүн сэһэргээ.
2. Хоһоон өйгөр-санааҕар төһө хатанна? Тоҕо? Туох санааны
үөскэттэ?
3. Тиэкиһи ис хоһоонунан көрөн ханнык кэрчиктэргэ араа-
рыахха сөбүй? Тоҕо?
4. «…умнубаппын мэлдьитин», «…өрүү ахта сылдьабын»,
«…туохха булан тэҥниэмий?», «…ама хайаан умнуомуй».
Бэйиэт бу тылларынан ханнык иэйиини тиэрдэрий? Санаа-
ҕын эт.
5. Сир-дойду ааттаах-суоллаах буолар. Бэйиэт хоһооҥҥо сирдэр
ааттарын айылҕа ураты көстүүлэрин кытта хайдах дьүөрэ-
лээн хоһуйбутун бэйэҥ тылгынан кэпсээ.
Тукулутта эбэбин
Туруорулуур эмпэтин,
Толуу, ло²кур тииттэрдээх
Туоллар Туора Тумулун,
Бидилийэр сүүрүктээх
Биэкэнэтин үрэҕин,
Умсулҕаннаах бэйэтин
Умнубаппын мэлдьитин.
Болҕомтону уурдарар
Мохсоҕоллоох Хайатын,
Быллаар сыырдаах, намталлаах
59