Page 64 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 64
Билэҕиэн, сүүсчэкэ сыллаахха
Ол поэт эйигин туойбутун,
Будуллар, долгуйар бааллаахха,
Муораҕын өҥөйөн турбутун?..
Ол Пушкин боруонса күлүгэ
Москва куоракка баар, турар, —
Сүрэҕи-быары сүр үлүгэр
Сүүдьүтэн, аһыынан долгутар…
Мин эмиэ ырыанан ыаһахтаах,
Ыраах сир ыччата буолабын,
Кытыастар сардаҥа сырдыктаах
Кыһыл күн күлүмүн туойабын.
Кэрэ-дьол үйэҕэ төрөөммүн,
Кэлэммин эйиэхэ сынньанным.
Эҥини-арааһы көрөммүн,
Этэҥҥэ, алыстык сырыттым.
Эн ыраас, минньигэс салгыҥҥын
Элбэхтик, астына мин истим.
Соловей чыычааҕыҥ ырыатын
Соруйан дуоһуйа иһиттим.
Эвкалипт барахсан күлүгэр
Үгүстүк чуумпуран олордум,
Эриэккэс кипарис төрдүгэр
Үөрүүнэн сүрэхпин толордум.
Ийэ сир көҥүллээх иэнигэр
Эрэйи Пушкинныы билбэппин.
Сандаардаах саҥа дьол кэмигэр
Саппахтаах тыллары эппэппин.
Сотору үөскээбит кыраайбар
Элиэнэ сүнньүнэн устуоҕум,
Соҕотох доҕорбор, чыычаахпар,
Эйэлээх илиибин уунуоҕум.
Эйигин дойдубар тиийэммин,
Элбэхтик ахтыаҕым, саныаҕым.
Эгэлгэ тылларбын тиһэммин,
Эйиэхэ ырыабын аныаҕым.
Бырастыы, эдэркээн саастаахпын,
Мин, баҕар, иккистээн эргиллиэм!
64