Page 60 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 60
Бы´аҕа´ын Тамаҕын,
Илбистээхтэн кэлэргэ
Кэйи²эстээх чэлгиэнин,
¥чүгэйин Айаҕын
£рүү ахта сылдьабын.
6. Ааптар бу хоһоону тоҕо суруйбута буолуой? Тойонноон көр.
АЙАР, АЙЫМНЬЫЛААХ ҮЛЭ
Хоһоон бу строфатыгар бэйиэт Тукулутта эбэтин көрөн сөх-
пүтүн, үөрбүтүн, дуоһуйбутун тыыннаах тылынан хайдах тиэр-
дэрин ырытыһыҥ. Төрөөбүт алааскыт, эбэҕит туһунан Күннүк
Уурастыыраптыы айарга холонон көрүҥ. Холобур,
Сүрэхтээххэ с³пс³т³р,
Сүргэлээҕи к³т³ҕ³р
Туйгун, мааны мин Эбэм,
Тукулутта барахсан,
Илин сарыал имигэр
Иэйэ, сырдыы сыдьаайар,
Абыла²наах мичилин
Ама хайаан умнуомуй.
Тукулутта Эбэкэм
Толорутук угуттаан,
Күндүл күннүүн уура´ан,
Күлүмнүүрүн с³ҕ³ммүн,
Долгуйбутум күү´үттэн,
Дуу´абыттан ыллаатым!..»
ЧИНЧИЙЭР ҮЛЭ
1. «Тукулутта эбэбин» хоһоон тылын-өһүн, ойуулуур-дьүһүн-
нүүр ньымаларын ырытарга холонуҥ.
2. «Сааскыга», «Тукулутта эбэбин» хоһооннорго бэйиэт олоҕун
ханнык түгэннэрэ көстөллөрүй? Хоһооннорго сыанабылла
суруйан көрүҥ.
60