Page 55 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 55
Оччоҕо ол көстөр мырааммыт
Күөх торҕо өҥүнэн унаарыа.
Күлүгэ биллибэт салгыммыт
Көр тойук уоҕунан сатарыа.
Ол кэмниин сэргэстии, даҕаһан,
Бурдукпут ыһыыта буолуоҕа.
Үлэҕэ куотуһан-хатыһан,
Үрдүк күүс күргүөммүт туруоҕа.
Холкуоска — булууктаах, тараахтаах
Уонунан, сүүһүнэн бурҕайыа;
Сеялка, массыына, тыраактар
Оройуон аайытын тарҕаныа.
Холбоһук тэриммит бааһынай
Хонууга, буолаҕа тойоргуо.
Куопдьаардаах, соллоҥноох кулаак-баай
Кубулҕат күүстэрин боһойуо.
Былааны аһара толорон,
Кэхтибэт кэккэнэн кимиэхпит.
Кэскиллээх олоҕу оҥорон,
Киэҥ дорҕоон суоллары тэлиэхпит.
Батараак, дьадаҥы бааралаан,
Бааһынай ортотун хамнатыа.
Байҕаллыы барылаан, баалланан,
Бассабыык ыһыыта барҕарыа.
Оччоҕо сэтэрэн тураммын,
Мин эбии ырыанан оргуйуом,
Оһуордаах тыллары буламмын,
Олоҕу ойуулаан хоһуйуом.
Дьэ кытаат, күн, уһаан сандааран,
Сүрэхпин үөрүүнэн уоттаарыый!
Кэтитиҥ тухары алааран,
Киэҥ халлаан киэлитэ, тунаарый!
Сотору, сотору үлүгэр,
Ыам ыйа долгуйан кэлиэҕэ —
Көҥүллээх кыраайбыт түөһүгэр
Ырыалаах, былаахтаах элбиэҕэ.
1931 с.
55