Page 57 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 57

Тукулутта эбэбин

                                    «Күннүк Уурастыырап бу хоһоонугар айыл-
                               ҕа, төрөөбүт дойду киһи кутугар-сүрүгэр дьа-
                               йыыта киэҥэ, дириҥэ көстөр. Киһи майгыты-
                               гар, үлэтигэр-хамнаһыгар, олоҕун илгэтигэр
                               айылҕа төрүт буоларын бэйиэт арыйар».

                                                                                  И. Г. Спиридонов

                         Тукулутта1 эбэбин
                         Туруорулуур эмпэтин,
                         Толуу, ло²кур тииттэрдээх
                         Туоллар Туора Тумулун,
                         Бидилийэр сүүрүктээх
                         Биэкэнэтин үрэҕин,
                         Умсулҕаннаах бэйэтин
                         Умнубаппын мэлдьитин.
                         Болҕомтону уурдарар
                         Мохсоҕоллоох Хайатын,
                         Быллаар сыырдаах, намталлаах
                         Бы´аҕа´ын Тамаҕын,
                         Илбистээхтэн кэлэргэ
                         Кэйи²эстээх чэлгиэнин,
                         ¥чүгэйин Айаҕын2
                         £рүү ахта сылдьабын.
                         Чуумпутуттан уйгуурбут
                         Тукулутта эбэкэм
                         К³т³р киирэр кэмигэр
                         К³рд³³х, сэргэх буолааччы.
                         Мэ²э халлаан үрдүттэн
                         Биэстэ-тү³ртэ курулаан,
                         Аллараны былдьа´ан,
                         Анды намтаан саптааччы…
                         Тула, кү³лү эргийэн,
                         Дурдалары кэрийэн,
                         Тү´э-тү´э, к³т да к³т,
                         К³т³-к³т³, түс да түс…
                         Доргутуулаах доруоптар
                         Дуора´ыйа э²сэллэр.
                         Сылыбырас тыылаахтар

1 Тукулутта — Амма улууһун Эмис нэһилиэгин саамай улахан эбэтэ.
2 Айах — Тукулутта диэки турар кыра үрүйэлээх кыра алаас.

                                                                                                                               57
   52   53   54   55   56   57   58   59   60   61   62