Page 49 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 49

Сүү´үм к³л³´үнүн тобукпар аҕыырым,
        Тобугум к³л³´үнүн сүүспэр аҕыырым,
        Тотор оннугар — хоргуйарым,
        А´ыыр оннугар — аа´арым,
        Ыллыыр оннугар — ынчыктыырым,
        Ытыыр оннугар — ыма²ныырым.
        Аллараа ийэ сиргэ «ыраахтааҕы» диирим,
        ¥³´э үрдүк халлаа²²а «та²ара» диирим.
        Онтукам баара —
        ¥йэ тухары ү²пүт та²арам — үтүгэн эбит,
        Саас тухары албаабыт айыым — албын эбит.
        Баҕарбыт баайдарым — бассыабай эбиттэр.
        Туттубут тойотторум — торҕон эбиттэр.
        ¥тү³ диэбитим,
        ¥рдэ үүт тураан гынан баран, —
        ¥лүгэрдээх ³лүү түгэҕин ү³ннэрэ эбиттэр.
        Хайгыы санаабытым,
        Харах к³р³рүгэр халааннаах1 гынан бараннар, —
        Хаан олбохтоох, хара б³лү³х эмсэхтээх
        Хара дьайдар эбиттэр.
        Аанай-туонай абам даа баар эбит, оҕолоор!
        Бу —
        Аа´ар былыт албыннарыгар — абылаппыт аньыым,
        К³´³р былыт к³лдьүннэригэр — күү´эппит ³лүүм:
        Аймах-билэ дьоммуттан
        Антах хаамаммын,
        Күрү³х-билэ дьоммуттан
        Күрээн бараммын —
        Хара тыыннаммытым,
        Хара²а күлүктэммитим,
        ¥тү³бүн — үлтүрүтэргэ үлү´үйбүтүм,
        Айыыбын — алдьатарга дьалы´ыйбытым2,
        Абаккайын-алдьархайын нии, оҕолоор!!!
        Кимнээх буоламмын,
        Умса баттаан ыламмын,
        Уодьуганнарын тардыамый!
        Ситэ баттаан ыламмын,
        Сир-буор сирэйдиэмий!
        Ир суолларын ирдээммин,
        Имнэри бы´ыамый!

1 Халааннаах — халаан уутун курдук, киэ², дэлэй, уйгулаах.
2 Дьалы´ыйбытым — м а н н а: тиэтэйбитим.

                                                                                                                               49
   44   45   46   47   48   49   50   51   52   53   54