Page 171 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 171

Маабыра чэй кутар.

    Б а ґ ы м н ь ы. Кэпсээн кэмэ-кэрдиитэ суох (иґэр). Арай
аан дойду µрдµгэр абааґылар алыс элбээннэр, киґини сµгµн
утуппат-олорпот буоллулар.

    Д ь э к и и м. Дьэ инньэ гынан?
    Б а ґ ы м н ь ы. Инньэ гынан о±ордук. Туох баар абааґы ба-
рыта сир анныттан сир µрдµгэр кіґін тахсыбыттар. То±о та­
±ыс­тылар буолла? Инньэ гынан туох да кэмэтэ суох, кылы кыр-
баабыт курдук, элбэх буолбуттар. Кµтµр істііхтір син биґиги
курдук тірµµллэрэ-µіскµµллэрэ буолуо ээ. (Кµлэр.) Ол тахсан-
нар, аны киґи иґин аайы киирэн олороллор эбит, сорох киґи
иґигэр хас эмэ абааґы батар эбит. ТоІор буолан, киґи иґэ
сылааґын иґин киирдэхтэрэ буолуо. Инньэ гынан аны мантан
антах киґи киґини сиэґэр буолуо µґµ. Абааґы олохтоммута
туох аанньа буолуой. (Кµлэр.) Эн искэр эмиэ биир эмэ абаа­
ґы кииртэ буолуо, ба±ар, биир эмэ киґини сиэри олороруІ
буолуо. Эн сиэбэтэххинэ, эйигин ким эмэ сиэн кэбиґиэ даа,
онон бµтэр. Дьэ муода. (Кµлэр.) Онон кµн аайы дьааґык киэґэ
буолар…
    Д ь э к и и м (чэйтэн уурайан, маґын кыґар). Бу киґи араа­
ґы кэпсээн эрдэ±ин. (Кµлэр.)
    Б а ґ ы м н ь ы. «Бу то±о ыал аайы нуучча эрэ мэтириэтэ
таІара буолар, сахаттан то±о биир эмэ таІара суо±уй?»  —
диэн бэ±эґээ а±абыыппыттан ыйыппытым иґин, тээтэ мі±ін
ілірі сыста, батан таґаарда. Инньэ гынан дьыала±а тµбэґэн
сылдьабын. А±абыыт иґигэр абааґы киирдэ буолла, суох
буолл­ а. ТаІара даа син баар. ДьиІ баарын баар гынан ба-
ран, ханна олороро эбитэ буолла? Эмиэ киґи иґигэр буолуо
ээ. Дьэ киґи иґэ киэІ да буолар эбит.
    Д ь э к и и м. Чэ, ити кэпсээн хааллын. Хата, аара Уйбаан-
наахха сырыттыІ дуо?
    Б а ґ ы м н ь ы. Суох, ол киґи миигин аанньа ахтыбат, батан
таґаарар, иирбиккин диир. Кµлµµ оІостор. (Чэйдээн бµтэр.)

                               М а а б ы р а иґитин хомуйар, тахсар.

    Б а ґ ы м н ь ы (табах тардар). Абааґы араас буолар эбит.
Торбос абааґыта диэн баар, ол эрэйдээх бэйэтэ да±аны
кып-кыра ба±айы, кини аґылыга торбос эрэ, улахан ына±ы
кыайан сиэбэт, тииґэ хоппото буолуо ээ. (Кµлэр.) Киґини
сиэчч­ и улахан абааґы баар, дьэ ол ынырык дьµґµн. Быґа-
тын эттэххэ, барыта барытыгар тус-туспа анал абааґы µіскµµр
эбит. КыайардарыІ ол да иґин элбэхтэр эбит. Сорох киґи

                                                                                                                                     171
   166   167   168   169   170   171   172   173   174   175   176