Page 169 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 169

µірµіхпµтµн сіп. Ол хаґан µп-харчы мунньан байаары. Бу дой-
дуга µіскээбит киґи туохха да хара±а туолбат. Арай «иинин
буоругар туолар» диэн іс хоґооно баар. Онуоха дылы тіґі
да±аны баай диир дьоммут «сіп буоллубут» диэн уурайбаттар
ээ, бада±а. Оттон мин, µірэ±э суох киґи, санаабар кыґал±ата
суох иитинэн эрэ олорор буоллахха сіп. Баай киґини іліртін
быыґыыра биллибэт. Јлір симиэт баай да диэн харыстаабат.
Син биир барыбыт ілліхпµтµнэ бото сірµі са±а сиртэн ордугу
былдьыахпыт суо±а. (Тохтуур.)

                                        ИККИС КЈСТҐҐТЭ

                                       Д ь э к и и м, М а а б ы р а.
                                  Маабыра киирэн илиитин суунар.

    Д ь э к и и м. Хайа до±оор, били уол турда дуо?
    М а а б ы р а. Ээ суох, кірбітµм. (Соттор.) Ынахтарбын
кытта міхсі сырыттым. Эриэн торбоспут эмиэ ыалдьыбыт.
Соруйан ыалдьыбыт быґыылаах.
    Д ь э к и и м. Торбос абааґыта сиир буолла±а дуу. Ол то±о
турбат о±онуй? Турдар, Кууґумалаахтан баран суханы а±алыа
этэ. Сирбит сииктээх эрдэ±инэ тиэрэн кірµіхпµт.
    М а а б ы р а (чаанньыгын аґан кірір). Бу аспыт уолан
хаал­быт дуу. Утуйаахтаатын ээ, бэ±эґээ киэґэ хойукка диэри
о±олору кытта оонньообута.
    Д ь э к и и м (маґын уурар). Хата бу чэйгин кут. О±о тур-
да±ына тобо±ун да иґиэхтин (остуолга олорор).
    М а а б ы р а (лэппиэскэ а±алар). Ыл до±ор, ити лэппиэс­
кэни тоґут. (Чааскытын а±алар, мас чааскыга дагдалыыр,
кµірчэхтиир.)
    Д ь э к и и м (тоґута олорон). Быйыл бурдукпутун таІара
биэрдэр, абырал буолуо этэ. Ол эрээри ардах сібµгэр тµґэр
дии, таІара хайыыр. Бурдукпут µµннэр эрэ аны кыґын туох да
буолуохпут суо±а этэ.
    М а а б ы р а (лэппиэскэтин кµірчэххэ булуур, чэйин ку-
тар, олорор, чэйдииллэр). Кугас бургунаґым барахсан миигин
кірдір эрэ, ыІырана тµґэн баран, сµµрэн кэлээхтиир ээ. Ґчµ-
гэй µµттээх, уруулаах ынах буолуо… Бурдукпут а±ыйаан эрэр,
бу µлэ кµннэригэр сиэн баран уурайыахпыт, окко сиир бурдук
ордумаары гынна, µлэ суох кµнµгэр сылбархай чэй иґэ-иґэ,
µµтµнэн, суоратынан да сырыттахха син буолуо.
    Д ь э к и и м. СаІарба до±ор, со±отох айахтан аґы харыс­
тыыр диэн баара дуо. Тыыннаахпыт, µлэлиирбит тухары айах­
пытыгар аґы булан аґыахпыт.

                                                                                                                                     169
   164   165   166   167   168   169   170   171   172   173   174