Page 164 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 164

суо±а этэ… (Тохтуур.) Бэйи эрэ, дьол хара±а суох буолар диэн
іс хоґооно баар, аны мин байар оІоруубар дохуоттарын-µптэ-
рин быра±ан барбыттара буолаарай… Киґи эрэ тµбэґэ кір-
бітір туох буолуой… Ким кірµій? Кірір, кэтиир да киґи суох
ини (табах тардар). Дьон билиитинэн, албынынан байбыттар
бэрт элбэх бааллар даа, син кимнээ±эр да µчµгэйдик, «кыр­
дьа±ас» аатыран олороллор, ким даа кинилэри буруйдаабат.
Ити Кµдэрик уолун, маІнай ол-бу дии сылдьан бараннар, син
умнан кээстэрэ, оттон кини, дьон билиитинэн, киґини талаан
баай аатырбыт киґи… Мин сіп санааны буллум ээ, муІар,
мантан чугас, туох да суох да буолла±ына, эрэйэ даа аччыгый,
тіннін кэлиэм буолла±а дии… Бу курдук саас тухары бэйэ±э
бэйэ хамначчыт буолара куґа±ана бэрт. (Тохтуур.) Чэ кэбис,
арай бу тµµн булгу баран дьол тардыґан кірµµґµкпµн…

                                        АЛТЫС КЈСТҐҐТЭ

                                           У й б а а н, М а а п п а.

    М а а п п а (бала±антан тахсан). А±аа, киирэн аґылыккын
аґыаІ µґµ.

    У й б а а н. Сіп, киириэм. Бар, эн киир, аґаан утуй. Ийэ±ин
ыыт, манна тахсан маспын тутан биэрдин.

    М а а п п а. Сіп. (Киирэр.)

                                       СЭТТИС КЈСТҐҐТЭ

                                         У й б а а н, М а р ы ы н а.

    М а р ы ы н а (кэлэр). Аґаан да баран уґаммаккын ээ, туох
ыксалай. (Кэлэн аттыгар турар.)

    У й б а а н (кµлэр). Эмискэ баай хотун буолуоххун ба±а-
ра±ын дуо?

    М а р ы ы н а. Хаґан байаары ба±ардамый. Байар да±аны
таІараттан ыйаахтаах ини.

    У й б а а н. Ыйаа±ырдын-ыйаа±ырбатын, бу дойдуга баай-
тан ордук дьол суох… Бэйи, иґит эрэ, маннык сµбэ баар:
Кууґума о±онньордоох бµгµн сайылыктарыгар тахсыбыттар.

    М а р ы ы н а. Онуоха туох сµбэтэ баарый?
    У й б а а н. Истэн ис… Ґптэрэ-маллара барыта бала±анна-
рыгар хаалбыт, ону бу тµµн баран сµгэн ыллахха хайдах буо­
луой? Ким да биґигини ыллахтара диэн уорбалыа суо±а. «Дьол
хара±а суох» диэн іс хоґоонун билбэккин дуо.
    М а р ы ы н а. Тугу-тугу лахсыйа±ын? Иирбиккин дуу? Туох
ілір кыґал±атыгар ылларан, ол айылаах хараІа аньыыны

 164
   159   160   161   162   163   164   165   166   167   168   169