Page 160 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 160

АНЕМПОДИСТ ИВАНОВИЧ СОФРОНОВ–АЛАМПА
                                      (1886—1935)

                                          Бөлүһүөк Авксентий Егорович Мор-
                                     динов «Өскөтүн Алампа атын омукка
                                     төрөөбүтэ эбитэ буоллар, аан дойдуга
                                     аатырбыта ырааппыт буолуо этэ»,  —
                                     диэн бэлиэтээн турардаах. Чахчыта,
                                     Алампа Аан дойду таһыма таһымнаах,
                                     өйө өйдөөх бөлүһүөк суруйааччы.

                                          «Алампа» диэн тыл саха кулгааҕар
                                     бэйэтэ муусука буолан лыҥкынаан,
                                     кутуллан киирэр. Алампа  — төрөөбүт
                                     норуокка, дойдуга муҥура суох тап-
                                     тал туоһута, бэйэни харыстаммат бэ-
                                     риниилээх үлэ холобура, саха киһитин
                                     үтүөҕэ-кэрэҕэ тардыһыытын көҕүлүүр,
номоххо кубулуйбут үтүө аат. «Саха омук дууһатын ымыыта»,
«атаҕастаммыт аанньал», «таҥара буолбут киһи, киһи буолбут
таҥара»  — ити барыта киниэхэ норуот иҥэрбит ааттара.
    Кини олоҕо бүтүннүүтэ төрөөбүт норуота сайдарын, үтүө
олоххо тиксэрин туһугар анаммыта. Ол курдук Алампа үйэ
саҕаланыаҕыттан үөрэҕи, сырдыгы тарҕатар үлэҕэ күүрээн-
нээхтик кыттыспыта, маҥнайгы хаһыаттары, сурунааллары
олохтоспута, саха судаарыстыбаннай тыйаатырын төрүттээ-
битэ.
    Анемподист Софронов  — суруйааччы быһыытынан сахаҕа
уус-уран литература үс көрүҥүн төрүттээбит, тылынан айыы
ньымаларын дэгиттэр баһылаабыт уһулуччу талаан. Кини бэ­
йэтин кэпсээннэригэр норуот олоҕун-дьаһаҕын, саха киһитин
күннээҕи кыһалҕатын хайдах баарынан чахчылаахтык уонна
ымпыктаан-чымпыктаан ойуулаабыта. Ол эрээри суруйааччы
айар кыаҕа, көһөҥө талаана, үрдүк маастарыстыбата ордук
чаҕылхайдык драматургияҕа көстүбүтэ. Ол курдук дыраама-
ларыгар саха киһитин олоҕу көрүүтүн, уратылаах майгытын
арылхайдык арыйбыта, киһилии киһи буоларга, көнө суолу
тутуһарга ыҥырбыта.
    Биһиги омук быһыытынан чөл хааларбытыгар, куппут бө­
ҕөргүүрүгэр, бэйэни билиниибитигэр кини айымньылара ула-
хан суолталаахтар. Инникитин даҕаны, саха тыллаах баарын
тухары, саҥаттан саҥа көлүөнэлэр Алампа айымньыларыгар,

 160
   155   156   157   158   159   160   161   162   163   164   165