Page 156 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 156
рахтарын уутун соттоллор. Эдэр уолаттар ону истэ-истэ ха-
рахтара уоттанар…
Биирдэ саас, сыарҕа суола килэрийэн, халтараан буолбу-
тун кэннэ, Манчаары дьиэтигэр биир атах эт, иһит арыгы
кэһиилээх билбэт киһитэ киирэн кэллэ. Эти ириэрэн эттээн,
аһаан-сиэн бараннар, дьэ сэргэстэһэн олорон табахтаатылар.
Били киһи сорук оҥостон кэлбит санаатын аһаҕастык эттэ:
— Дьэ убайым оҕонньор, тугун кистэлэй, эдэргэр ампаар
бөҕөнү алдьаппыт, сырыы бөҕөнү сылдьыбыт киһи буоллаҕыҥ.
Мин эмиэ сытыы бүргэс мөһөөччүккэ баппатын тэҥэ киһибин.
Ол кэмэлдьим бүргэс курдук тэһитэ кэйиэлээн тулуппат. Дэ-
лэҕэ киэҥ Эдьигээнинэн, Аанньааҕынан, Дьокуускайынан эр-
гийтэлээбит Уйбаах уола Маанньа түөкүн диэн аатырыам дуо!..
Ол эрээри эйиэхэ хантан тиийиэмий… Мин эмиэ эн курдук
улуу уоруйах буолуохпун баҕарабын. Дьэ онон, улуу убайым,
сүбэлээ, хайдах албаһынан суукка-сокуоҥҥа хабыллыбакка,
ньылбы туттаран, уорабын-алдьатабын?
Манчаары истээт, дьэбин уоһуйа түстэ. Ойон туран остуо-
лун өрө эккириэр диэри сутуругунан оҕуста.
— Итини сүбэлэтээри кэлбит буоллаххына, киирбит ааҥҥы
нан төттөрү таҕыс! Эн биллэххинэ мин уоруйах үһүбүн дуо?!
Мин хаһан да уоруйах буолбатаҕым, арай батталы-атаҕаста-
былы аһаҕастык утары тура сылдьыбыт киһибин!
— Ону истэн-истэн… Ол эрээри…
— Ситэри иһит! Батталлаах баайдары батыйабынан таһы
йарым, кыраттан-кыамматтан халаан ылбыт баайдарын был-
дьаан ылан дьадаҥыларга түҥэтэрим, бэйэм биир алтан ман-
ньыаты да туһамматаҕым. Ол уоруу буолбатах! Мин уоруйаҕы,
түөкүнү куруук абааһы көрөрүм. Таҥара көрөн турар, биир да
киһи тыыныгар турбатаҕым. Мин айдааннаах сырыыларбын
кэнэҕэс эдэр ыччат, баҕар, сөпкө сыаналыа!
— Ээх, ээх!.. Оннугун оннук!..
— Эн, Уйбаах уола Маанньа, түөкүн, уоруйах буоллаххына,
бэйэҕин бэйэҥ кыраммытыҥ тэҥэ буолуо! Ыччаттаргар тиийэ
аатыҥ хараарыа, бар дьон эйигиттэн кэлэйиэ, сиргэниэ. Онон
бу сааттаах-сууттаах санааҕын тосту бырах! Сэтиҥ-сэлээниҥ
ситэ илигинэ көннөрү киһи көнө суолун тутус! Үлэлээн-хам
саан ыччаттаргын иит! Мин сүбэм итинник!
Маанньа Манчаары иннигэр сөһүргэстээн сүгүрүс гынна.
Дойдутугар, Үөһээ Бүлүүгэ төнүннэ.
156