Page 154 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 154
Мин наһаа үөрбүтүм, харчыны сиэппэр уктан кэбиспитим.
Ол харчынан аара ону-маны атыылаһан аһаан абыраммытым.
Эрэйдээх-муҥнаах киһи хаһан эрэ үтүөнү оҥорторбут барах-
санын хаһан да умнубат.
— Ол Уруука, чахчы, баар-суох киһибит. Улахан мунньахтар-
га кыраны-кыамматы көмүскэһэн тыл этээччибит кини. Үөрэх-
тээх да, баай да дьоннору тыллаах оҥорбот. Мунньах дьонун
барыларын хайаан да тылыгар киллэрээччи. Кулуба сапсыйан
кэбиһээччи: «Ол Уруука иннин хаһан ылаары! Чэ, чэ, кини эп-
питинэн бардын!» Дьэ оннук киһи Уруукаҥ!
— Киһи үтүөтэ быһыылааҕа.
— Оннук да буолан эйигин бэлиэтии көрдөҕө. Хотой хотойун
ыраахтан бэлиэтии көрөр!
Бугдутар күлэн саһыгыраата. Манчаары тоҕо эрэ куоҕал-
дьыйан ылла. Кэргэнэ кини диэки киэн туттубуттуу көрүтэ-
лээтэ.
***
Манчаары бу дойду дьонун кытта билсэн-көрсөн барда.
Көнөтүн, сымнаһаҕын, ону-маны таһыччы билэрин иһин, Мал-
дьаҕар дьоно туора улуус киһитин наһаа сөбүлээтилэр, бэйэ
лэрин киһилэринэн аахтылар. Чахчы, Манчаары араас сирдэ-
ринэн сылдьыталаан, арааска түбэһитэлээн, эрэйи-муҥу көрөн,
этэргэ дылы, кулгааҕа, хараҕа тобуллубут. Онон улуус, нэһи
лиэк маанылара, бастаахтара кинилиин билсэ, атастаһа са-
тыыллар. Кинини бары мунньахтарга ыҥыраллар, уустук дьыа-
лаҕа мунаардахтарына ыҥыран сүбэлэтэллэр. Дьон барыта
киниттэн сүбэ-ама ыларга үөрэнэн хааллылар. Кырдьаҕастар
астына кэпсэтэллэр.
— Маннык өйдөөх-санаалаах киһи улахан тойон буолуон
сөп! — диэн бэйэлэрин ыккардыгар кэпсэтэллэр.
Сотору күөх сах мунньаҕа буолла. Улахан мөккүөр таҕыста.
Сир үчүгэйин апчарыйан ылаары эмиэ сис баайдар ырҕаҥнас
тылар, ыадаҥнастылар, суугунаһыы-сааҕынаһыы бөҕө буолла.
Бу сырыыга өтөрүнэн буолбатах моргуор таҕыста. Манчаары,
истэн олорбохтоот, тыл көрдөөтө. Бары им-дьим бардылар.
Туора улуус киһитэ, аартыкка баппатах албан ааттаах, суолга
баппатах суон сурахтаах кырдьаҕас тугу этэр? Мунньах дьонун
кулгаахтара куобах кулгааҕыныы чөрөҥнүүргэ дылы… Манчаа
ры аа-дьуо дьон иннигэр тахсан, тоҕо эрэ түннүгү одууласта
уонна саҥата суох түннүгү супту ыйда. Бары түннүк диэки
көрдүлэр. Кирдээх таастаах түннүккэ ооҕуй оҕус илим хатым-
154