Page 153 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 153
тыҥ… Мин куобах буолбатах этим… Мин, арааһа, эйиэхэ, хо-
той көтөргө, кыратык майгылыыр быһыылааҕым…»
Атын уулатаат, саҥа туппут балаҕаныгар таҕыста. Бэйэтэ
бас билэр балаҕаннааҕа санаатыгар астык… Эдэр кэргэнэ
куруук мичээрдии көрсөр, ол кини сүрэҕин сылаанньытар…
Дьоллоро диэн бу буолуо дуо?.. Билиҥҥитэ барыта этэҥҥэ…
Мототто, хайа сахха соҕотох ынаҕын ыан киирэн, туос
ыаҕаһын симии оһоҕун чанчыгар уурда. Аҕа кынна Бугдутар
кинилэргэ хоно хаалбыта. Атаҕын оллоонноон, улахан баҕайы
хамсатын туора уобан олорор. Күтүөтүн ытыктыыр. Ыалга
ииттэрэ биэрбит кыыһа ааттаах киһиэхэ эргэ тахсыбытыттан
иһигэр киэн тутта саныыр. Манчаары эдэр сааһыгар түрмэҕэ,
хаайыыга сылдьыбыта туох буолуой! Эрэйи-муҥу көрбүт киһи
ордук мындыр…
— Хайа, Баһылаай, аккын уулата охсон таҕыстыҥ дуу?
— Ээ, оннук… Үрдүбүнэн тойон көтөр халаатаан ааста!
— Ол ытык көтөр мээнэҕэ халаатаабатаҕа буолуо… Эн ман-
на, билбэт сиргэр, ытыкка, мааныга сылдьыаххын биттэннэҕэ!
— Оннук эрэ буоллун! Бу дойду дьоно наһаа элэккэй, сым-
наҕас дьоннор эбит!.. Бээ, бээ, Уруука диэн хос ааттаах киһи
бу эргин баара буолаарай?
— Оннук киһи баар! Дьэпсиэйэп Баһылай диэн. Киһи киэнэ
мааныта. Дьаархаҥҥа олорор.
— Ол киһини баран көрсүөм этэ.
— Ол тоҕо?
— Эдэр эрдэхпинэ, Дьокуускай улахан баһаарыгар ханда-
лылаах хаайыылаахтары кытта үүрүллэн кэлэн турдахпына,
биир үрдүк уҥуохтаах киһи дьону силэйэн миэхэ ыкса кэлбитэ.
«Ааттаах киһи Манчаары манна баар диэбиттэрэ. Ол хайалара
буолаҕыт?!» — диэн дорҕоонноохтук ыйыппыта. Мин тугу да
саҥарбатаҕым. «Бу турабын!» — диэн үөгүлүөхпүн тылым тах-
сыбатаҕа… Хайа аанньа таҥастаах, дьүһүннээх-бодолоох буо-
ламмын көстө-биллэ сатыамый!.. Харабыл хаһаак сүөлүргээ-
биттии ымах гынаат, миигин ыйан биэрбитэ. Билбэт киһим миэ
хэ чопчу хааман кэлэн илиитин биэрбитэ. Ытыһа сымнаҕас,
сып-сылаас курдуга… Баҕар, мин санаабар оннук эбитэ буо-
луо… Миигин ытыктыыр хараҕынан одууласпахтаат, бэйбириэт
ыстаанын сиэбиттэн уон соккуобайы ойутан таһааран ууммута.
— Дьэ, Баһылаай, кыыһырыма. Ыраах сиргэ үүрүллэн баран
эрдэҕиҥ. Уһун суол эрэйдээх буолааччы, аара арыт аччык-
тыаҥ, тоҥуоҥ-хатыаҥ турдаҕа… Онон бу кыра харчыны уктан
кэбис.
153