Page 148 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 148

лоох киһи өссө үрдүөн баҕаран толору дьоллооҕунан ааҕым-
мат. Эдэр киһиэхэ муударас киирэ илик буолан толору дьо-
ло суох. Кырдьаҕас киһи доруобуйатын сүтэрэн толору дьоло
суох. Арай тыыннаахтар тыыннаах эрэ буолар дьоллоохпут!

    —  Дьэ дьикти тыллаах-өстөөх киһигин. Итинник толкуйга
ким үөрэппитэй?

    —  Эрэй үөрэппитэ. Эрэйи көрбөтөх киһи акаарынан кыр­
дьар.

    Аргыһа эмискэ чонох гынна, таныытын тартаҥната-тартаҥ­
ната ол-бу диэки олоотоото. Бу түгэҥҥэ сыт ылбыт кыыл та-
баҕа майгылаата.

    —  Мантан чугас эргин булчут дуу, балыксыт дуу баар эбит.
Соҕуруу диэкиттэн буруо сыта кэлэр. Онно бара охсуох.

    Атаһа чэпчэки баҕайытык ойон туран соҕуруу диэки суһал-
лык хааман өгдөҥөлөөтө. Хаамарыттан да тойонноотоххо бы­
һый киһи сылдьар! Манчаары аргыһын нэһиилэ ситэн батыст­ а.
Балачча хаампыттарын кэннэ, иннилэригэр титириктэр быыс-­
тарынан отуу уота көһүннэ. Буорга анньыллыбыт тоһоҕо мас­
тарга илим кууран турар. Оллооҥҥо харааран хаалбыт со-
луччахха туох эрэ оргуйар. Балык буһарыммыттар! Оо, аһыы
түспүт киһи!.. Талах отуутун иннигэр арбаллыбыт кугас баттах-
таах, сэксэллибит кугас бытыктаах аҕамсыйбыт нуучча киһитэ
икки илиитинэн тобугуттан тардыстан олорор. Икки билбэт
киһитэ барыс гына түспүттэригэр соһуйан, чинэрис гынна, куо­
тан хаалыахтыы ол-бу диэки көрбөхтөөтө.

    —  Куттаныма. Биһиги куһаҕан санаабыт суох.
    Нуучча киһитэ сахалыы билэр эбит, ымах гынна.
    —  Куттанна суох. Кимнээххитин сэрэйдэ баар. Аччыккыт
билл­ эр. Аһааҥ!
    Иннилэригэр оргуйа турар күөһүн таһааран олордон кэ-
бистэ. Икки мас хамыйаҕы биэрдэ.
    —  Уолбун кытта балыктыыбыт. Биирэ кини хамыйаҕа. Уолум
дьонугар балык илдьэ барбыта.
    Күрүөйэхтэр итии аһы аһаабатахтара ыраатта, иҥсэлээх-
тик аһаабытынан бардылар. Өйдөөх бааһынай киһитэ сахалыы
бэркэ саҥарар. Ыалдьыттара кимнээхтэрин тута сэрэйбитэ,
ону-маны хасыһан ыйыта барбата. Ол сэрэхтээҕин бу эргин
олохтоохтор билэр буоллахтара. Манна балык хатарынар эбит.
Хаппыт балыгын «юкола» диэн ааттыыр. Сахалар да дьуухала-
ны олус сөбүлүүллэр, онон өтөрүнэн амсайбатах астарын эмиэ
астына амсайдылар. Балыксыт илимнэрэ эргэ илимнэр, бөдөҥ
сордоҥнор онон-манан дьөлүтэ-хайыта сүүрэн кэбиспиттэр.

 148
   143   144   145   146   147   148   149   150   151   152   153