Page 147 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 147
туруорб ат сымнаҕас киһи быһыылааххын. Туох буруйу оҥорон
түбэспиккиний?
— Киһи сырыттаҕына сылдьар эбит. Уус аҕабын батыһан,
Бүлүү куоратыгар киирэн биир атыыһыкка дьиэ тутуһа сыл-
дьыбытым. Атыыһыт хотуна биирдэ миэхэ эмис баҕайы сүөһү
кэлин буутун эттэппитэ. Кырбас эти бэрсэрин оннугар толун-
ньаҥ уҥуоҕун быраҕан биэрбитэ. Мин өһүргэнэн ол толун-
ньаҥы хотун түөһүгэр төттөрү бырахпытым. Хамначчыттара
сырсан кэлэн үрдүбэр түспүттэрэ. Үтүлүк курдук илгэтэлээн
кэбиспитим. Атыыһыт бэйэтинэн ыадастан кэлэн миигин си
рэйгэ силлээбитэ. Мин кинини түҥнэри охсон түһэрбитим.
Сыҥааҕын тосту охсубут этим… Миигин сууттаабыттара, Бүлүү
хаайыытыгар үс сыл сытан тахсыбытым. Эдэр ойохпун уон-
на быыкайкаан кыысчааммын олус ахтыбытым, ол иһин ки-
нилэргэ супту тиийбитим. Сааскы үрүҥ түүннэр саҕаламмыт
кэмнэрэ этэ. Дьиэм аана хатыыта суоҕа. Ааммын тоҥсуйбак-
ка, аһа охсон, дьиэбэр көтөн түспүтүм. Ороммор икки сыгын-
ньах киһи сыталлара. Өйдөөн көрбүтүм: кэргэним уонна бил
бэт киһим таптаһа сыталлара. Көхөҕө хатыс быа ыйанан тура-
ра, ону сулбу тардан ылан ол киһини самыыга, сискэ миин
нэртээн барбытым. Дьахтарым куттанан сарылаа да сарылаа
буолбута, эр киһи кэдэриҥнии түһээт, муостаҕа төкүнүйбүтэ.
Дьукаахтарым уһуктаннар, миигин тараччы тутан ылан, кэл
гийэн кэбиспиттэрэ. Кыысчааным сүүрэн тойторуйан кэлэн
моонньубуттан кууспута. Араара сатаабыттара да, ытыы-ытыы
ордук ыксарытык ыбылы кууһаахтаабыта. Мин сүрэҕим мин-
ньигэс баҕайытык нүөлүйэ ыалдьыбыта. Онтон бэттэх кыыс
чааммын санаатым да сүрэҕим нүөлүйбэхтиир. Дьукаахтарым
баайсаннар эмиэ хаайыыга киллэрбиттэрэ. Кыысчааммын ах-
тарым бэрт буолан куруук күрээн иһэбин. Бу билигин эмиэ
эйигин кытта күрэстим. Кыысчааным балачча улааттаҕа. Ки-
нини көрүөхпүн баҕарабын. Саатар биирдэ сыллаан ылларбын
эрэйбин-муҥмун умнан ылыам этэ… Дьиксинэбин… Кыысчаа
ным, баҕар, миигин чугаһатыа суоҕа… Хаай ыылаах буолла
ҕым… Урукку кэргэним миигин холуннаран арааһы кэпсиирэ
биллэр… Билигин атын кэргэннээх… Баайдык олорор үһү.
Олороохтоотун… Мин киниэхэ харгыс-мэһэй буолар санаам
суох. Арай кыысчааммын көрө түһэрим буоллар!..
— Дьэ эмиэ дьоло суох киһи эбиккин!..
— Толору дьоллоох киһи төрүт суох. Дьадаҥы киһи тиийим-
мэт-түгэммэт буолан дьоло толору буолбатах. Баай киһи өссө
байыан баҕаран толору дьоллооҕунан ааҕыммат. Үрдүк соло-
147