Page 142 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 142

Тииҥ курдук ньымсатык нуоҕайыгар тиийэ оҕуста, биэтэҥ-
нии-биэтэҥнии тулатын одууласта, Оо, күн сирэ сырдыгыан!
Мантан төрөөбүт алааһа ытыска уурбуттуу көстөр. Төрөөбүт
балаҕана наҥнайар… Титииккэ ийэтэ ынахтарын ыы сылдьар.
Уолчаан киниэхэ үөгүлээтэ. Хайалара үөгүлээбитин көрөөрү
ийэтэ чарапчыланан одууласта. Уһун, аччаҕар муостаах ала
ынахтара уолчааны билэн, хантас гынан, дорҕоонноохтук
маҥыраата. Кини маҥырыыр дуорааныттан өйдөнөн кэллэ.

    Маҥан таҥастаах нуучча дьахтара сүүһүгэр бычыгырыыр
тымныы көлөһүнүн сымнаҕас баҕайы тугунан эрэ соппохтуур.
Курустук үөһэ тыынна: «Бедняга! Маму свою зовёт! У  него
тоже была мать…» Манчаары эмиэ өйүн сүтэрдэ, ханна эрэ
хабыс-хараҥаҕа түҥ-таҥ түһэн барда. Бай! Ыраахтан туох
эрэ туналыйа устан кэллэ. Тыый! Кубархай сирэйдээх дьах-
тар курустук сонньуйда: «Миигин билбэтиҥ дуу? Умна оҕустуҥ
дуо?» «Бээ, бээ, билигин өйдүөм… Ханна эрэ, хаһан эрэ мин
эйигин…» «Мин эмиэ эйигин… Хаһан эрэ, ханна эрэ…» «Оо,
Чөмчүөрэ! Чөмчүөрэм! Бу ханна сүтэ сырыттыҥ?» «Барыбыт
сүтүөхтээх сирбитигэр… Умнубатах эбиккин…» «Хайдах умнуо­
муй! Хаһан да, хаһан да умнуом суоҕа!»

    Манчаары Чөмчүөрэтин диэки илиитин уунна. Чөмчүөрэ
дьик гынаат, тэйэ хаамта. Букатын барда диэн Манчаары ык-
саата, ыгылыйа эттэ: «Чөмчүөрэ, эн тоҕо миигиттэн?!.» Чөм-
чүөрэ дьиксиммиттии көрөн ылла уонна оргууйдук сипсийдэ:
«Эйиэхэ… Эйиэхэ амырыыныҥ киирээри гыммыт…» «Амырыы-
ныҥ?! Ол тугу этэҕин?!» «Өс-саас эн үрүҥ тыыҥҥын хараардаа-­
ры гыммыт…» «Ама дуу?! Ону хантан биллиҥ?». «Эн кэннигэр
биир хап-хара киһи турар… Ол киһи эйиэхэ батыйаны уунар.
Ити батыйаны ыллаххына…»

    Манчаары уоһун хам ытырда, кытаанахтык эттэ:
    —  Ити батыйаны хайаан да ылыам! Чоочо, кини курдук бар-
дам батталлаахтар миигиттэн сэрэнниннэр! Бу батыйабынан
барыларын хара хаанынан ытатыам, уоран-талаан мунньуммут
барҕа баайдарын, күр үптэрин күн-ый ыһыаҕа оҥоруом!
    Манчаары Чөмчүөрэтин моонньуттан кууста.
    —  Ой! Ой! Он обнимается! Наверно, с  ума сошёл!
    Үрүҥ таҥастаах нуучча дьахтара Манчаарыны түөскэ аспы-
тыгар, уолан эмиэ өйдөннө, кыбыстан киэр хайыста, хараҕын
уута иэдэһин кытарбыт чох курдугунан хаарыйда.
    —  Он плачет! Инородец и  плачет! Неужели такой он неж-
ный!..
    Түөскэ аспыт нуучча дьахтара төҥкөс гынан Манчаарыны

 142
   137   138   139   140   141   142   143   144   145   146   147