Page 140 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 140

таһыллыбыт сордоох үйэлээх сааска үтүө аата киртийэр, ки-
нини ким да киһинэн аахпат… Бары кэлэйэн, сиргэнэн киэр
хайыһаллар. Кыра оҕотуттан тиийэ үөҕэллэр, оҕонньоругар,
эмээхсинигэр тиийэ аанньа аахсыбат буолаллар. Оннук дьүүл-
лэммит киһи, кырыыс иҥмит киһитэ, киһи аатыттан ааһар!..

    Багдайбыт палач эбии багдайа үллэргэ дылы гынна, мэк-
тиэтигэр хара күлүгэ күнү хаххалаата, муус тымныы харахтара
кырыктаахтык килбэчистилэр, этэргэ дылы, тимир тириитин
кэттэ. Илбистээхтик ардьах гынна уонна маҕайа түһээт, икки
салаалаах кымньыытынан эдэр уоланы сыгынньах сиһигэр
мииннэрдэ. Ханнык эрэ дьахтар: «Уой!»  — диэн хаһыытыыра
иһилиннэ. Уолан дьигис эрэ гынна. Палач кыһыйбыт курдук ку-
рус гынна, сирэйэ кытара дарбайда, туох баар күүһүнэн сыр­
баталаата, кымньыы тыаһа кууһурҕас буолла. Төрдүс охсууту-
гар уолан тириитэ дьэ быһа ыстанна, хаана палач харытыгар
бырдаҥалаата. Онтон ордук абаран, ол баҕайы илбиһирдэр
илбиһирэн барда, кыбдьыгырыы-кыбдьыгырыы сырбаталаа да
сырбаталаа буолла. Кымньыы инчэҕэй эккэ охсуллар тыаһа
чап-чаллырҕас. Уолан биирдэ да ынчыктаабата, ол элбэҕи
көрбүт палач баҕайыны ордук абардар уонна дьиктиргэтэр.
Арай кымньыы бүтэһик төгүл хаарыйыытыгар уолан өрө кэдэ-
рис гынаат: «Ийэк-кээ, быраһаай!» — диэн хаһыытаата. «Оҕок-
ком!»  — диэн кыланар саҥа дьон ортотугар иһилиннэ. Уокка
бырахтарбыт аптаах баҕа арай итинник кыланар үһү!.. Уолуйан
хаалбыт дьон ортотуттан күкээрбит баттаҕа бураллыбыт, икки
хараҕын муҥунан көрбүт эмээхсин оҕотун харыһыйбыт тыһы
эһэлии часкыйбытынан ойон таҕыста. Сөдүөччүйэ!.. Уҥуох-ти-
рии бэйэтэ хантан ылбыт күүһэ эбитэ буолла, бүөлүү сатаабыт
хас да киһини тоҕо силэйэн, Манчаары үрдүгэр бүөлүү түстэ,
ыга кууста: «Оҕобун сиэмэҥ! Миигин сиэҥ! Сиэхситтэр!»

    Палач кытар гынаат, эмээхсини саҕатыттан харбаата, маа-
тыралыы-маатыралыы араара сатаата, эмээхсин уолугар ор-
дук ыксары сыһынна. Икки хаһаак сүүрэн кэлэннэр эмээхсини
нэһиилэ туора состулар. Эмээхсин сөһүргэстээн туран, икки
илиитин күн диэки ууна-ууна, кыламмахтаата: «Айыы таҥара!
Көр-иһит! Бу барытын Чоочо хааннаах бэлэс тэрийбитэ! Ба-
рыта кини кырыыһа! Ити хара аньыытыгар бэйэтэ икки ха-
раҕа оҥойо уоллун, тыла чороччу тартын, баас өлүү буолан
тыыннаахтыы сытыйан өллүн! Үйэттэн үйэ тухары бар дьон
үөҕүүтүгэр, кырыыһыгар бардын!!!»

    Биир хаһаак сүүрэн кэлэн эмээхсини саабыла хаптаҕай

 140
   135   136   137   138   139   140   141   142   143   144   145