Page 137 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 137
аллаах! Мин диэтэх киһинэн тииһин сааҕын суунан эрдэҕэ!
Бэйи, тохтоо… Эн эдэр ыккын, мин кырдьаҕас саһылбын!..
Аны кыайан төлө көппөт сиргэр илдьэн эрдэҕим. Аны миэхэ
тумсугун туора сотторуҥ тохтуо. Эн суох буоллаххына, мин
сынньаныам этэ… Иннибэр моһол, кэннибэр кэнтик буоларыҥ
уурайдар ханнык!..»
Иччитин хара санаатын сэрэйбиттии, миинэн иһэр ааттаах
ата тыбыырбахтаата уонна баһын быһа илгиһиннэ.
Куоракка күн киириитэ тиийэн улахан тойоҥҥо бэйэтигэр
түстүлэр. Чоочо биир бэрэмэдэйи толору кэһиилээх киирби-
тин көрөн, тойон үөрэ түстэ. Бэрэмэдэйтэн саһыл кутуругун
төбөтө быгарын бэлиэтии көрөн ордук манньыйда. Чоочону
кытта илии тутуста, саалаҕа сиэтэн киллэрдэ. Хотунугар им-
нэннэ, онуоха хотуна Чоочоҕо илиитин көхсүн уунна, ол бөп-
бөкүнүк илиини Чоочо «чоп» гына убураата. Манчаары кууку-
наҕа хаалла.
Икки тойон, үөстэрэ тэстэн, балачча өр кэпсэттилэр, хотун
бэйэтинэн күндүлээтэ-маанылаата.
Кэмниэ-кэнэҕэс Чоочо сирэйэ ньалҕарыйан, ыга тотон саа
лаҕа таҕыста, кини кэнниттэн тойон иһэ ырҕайан көһүннэ.
— Улахан тойонум, мин күн ыраахтааҕы эрэллээх кулута
буоларбын хаһан да умнубаппын. Бу сууту-сокуону кэспит,
бүтүн улууһу аймаабыт күрүөйэҕи, түөкүнү албыннаан кил-
лэрэн бэйэҕэр туттарабын. Кытаанахтык тутаргар көрдөһөбүн.
Сырҕанын сыһыт, хаҥылын айааһаа!
Чоочо улахан тойоҥҥо хас да төгүл намыһахтык сүгүрүҥ
нээтэ. Анарааҥҥыта көйүллүбүт муус тоорохойун курдук тым-
ныы күөх харахтара суостаахтык чолбоодустулар, таракаан
бытыгын курдук туора кыһыл бытыгын имэриммэхтээтэ. Үрүҥ
былаатынан сапсыйда. Хантан эрэ кыһыл кыбытыылаах ыс
тааннаах нуучча хаһаактара барыс гына түстүлэр. Арыый аҕа
көрүҥнээхтэрэ Манчаары харытыгар, атаҕар бэрт дьороҕой-
дук сыаптаах хандалыны кэтэрдэн халыгыратта, кылыгырат-
та. Эдэр соҕуһа кытаанахтык тутан-хабан көмөлөстө. Ман-
чаары манныгы күүппэтэҕэ. Бэккиһээн, соһуйан саҥата суох
туран биэрдэ. Улахан тойон кини иннигэр сис туттан туран
өрө-таҥнары одууласта, сэтэрээн сонньуйда: «Ну, вот, теперь
ты наш! Всю жизнь тебе не вырваться от наших лап! Запомни!
Много по свету гулял, много натворил делов. Хватит!»
Чоочо дарбайа үллүбүт сирэйинэн Манчаары сирэйигэр
сыст ыах курдук чугаһаан, силэ бырдаҥалыы-бырдаҥалыы кү
лэн көөҕүнээтэ: «Дьэ өйдөөтүҥ дуо, хоҥ мэйии! Албыннаан
137