Page 135 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 135
ЧИНЧИЙЭР ҮЛЭ
1. В . В. Никифоров «Манчаары» дыраамата уонна норуот но
мо±о.
2. «Манчаары» дыраама сµрµн сирэйдэрэ.
3. В. В. Никифоров «То±о итиэннэ хайдах суруллубутай «Ман
чаары» диэн оонньуу» ыстатыйатыгар уонна дыраама±а бэ
йэтигэр ааптар сµрµн дьоруойунуун алтыґыыта.
Аах. Бил. Туһан
1. В . В. Никифоров. То±о итиэннэ хайдах суруллубутай «Ман
чаары» диэн оонньуу // Чолбон, 1991. — 5 №. — 25—29 с.
2. К лиорина И., Федосеев И. Умнуллубат µтµілээх киґи. —
Чолбон, 1991. — 5 №.
Ааҕыы уонна сэһэргэһии
ИВАН МИХАЙЛОВИЧ ГОГОЛЕВ–КЫНДЫЛ
(1930—1998)
МАНЧААРЫ
(быһа тардыы)
Икки илиитэ кэдэрги кэлгиллибит, көҕөрүөр диэри тоҥмут
Манчаарыны Сылгыһыт Сүөдэр биир эдэр уоллуун иннилэри-
гэр уктан киллэрдилэр. Сүөдэр тойонугар хаптаҥнаата, ымаҥ
наата уонна хабдьыгыраата: «Түөкүнү, күрүөйэҕи киллэрдибит.
Кэһэйбит быһыылаах, титирии турар!» Чоочо сылгыһытын диэ-
ки куһаҕан баҕайытык көрүтэлээтэ: «Далай акаары! Ити Ман-
чаарыга эн тоҕо өһүрэҕин? Баһа суохтар баһа суохтаргыт!»
Манчаарыны аһыммыт курдук көрүтэлээтэ: «Оҕом, Баһылайым,
чахчы, иэдэйээхтээбит… Быатын сүөрүҥ уонна барыгыт ман-
тан киэр буолуҥ!» Хамначчыт уол Манчаары быатын сүөрэн
хачымахтаста уонна бары тиэтэллик тахсан бардылар. Ман-
чаары быһа кэлгиллибит илиитин имэриммэхтии турдаҕына,
Чоочо эйэ дэмнээхтик эттэ: «Биһиги хаан аймахтыылар бэйэ-
бит кэпсэтиэхпит…».
135