Page 136 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 136
Манчаары сирэйэ сырдаата, абаҕатын диэки дьиибэргии
одуулаата.
— Тукаам, Манчаары, эн мин маанылаах быраатым Бытаа
ны барахсан соҕотох уола буолаҕын. Миэхэ төрөппүт уолум кэ-
риэтэҕин. Чөркөөкү тугуттан эрэ иҥнибитигэр диэри, бэрт кы-
раттан санаабытыгар тутуһа сылдьымыах, аҕамсыйбыт абаҕаҥ
кыратык мөхпүт да буоллаҕына улахаҥҥа уурума, хата, туп
суох. Утары көрсөн олорон иллэһии аһын аһыах.
Манчаары манныгы күүппэтэҕэ, үөрүөн да, соһуйуон да бул-
бата…
— Мин… Мин эн манныккын билбэт этим!
— Хор, оҕом кырдьыгын эттэ! Хантан билиэҥий! Билэн-
көрөн иһиэҥ! Чэ, билигин мин тылбын иһит. Сарсын куоракка
киириэхпит. Кэһиилээх-тутуулаах киирэммин мин күбүрүнээ-
тэртэн бэйэм көрдөһүөм. Ол үрдүк сололоох тойон мин үүн-
нээх-тэһииннээх тылбын хаалларыа суоҕа. Этэргэ дылы, суор
суорун хараҕын оҥсубат.
Чоочо күлэн күһүгүрээтэ.
***
Сарсыныгар отут саһылы бэрэмэдэйигэр ыга хаалаан,
сиэнин Манчаарыны кытта Чоочо куораттаата. Хара дьоруо
атынан саҥата суох дьоруолатан иһэр. Кини кэнниттэн хаан
тураҕас атынан Манчаары сиэллэрэр. Аара иккиэн тус-туһунан
санааҕа түстүлэр. Манчаары саныыр: «Бу абаҕам оҕонньор,
төһө да бардам, батталлаах буоллар, ис дьиҥэр, айыы киһитэ
эбит. Хор, хаан уруум диэн аһыннаҕа… Суут-сокуон тордуох
таах тарбаҕыттан куоттараары бу миигин куоракка атааран ис-
тэҕэ. Кинини куорат улахан тойоно бэркэ билэр сурахтааҕа.
Бэлэх-туһах биэрэн ол тойонтон көрдөстөҕүнэ, тылын, бука,
ылыннарыа. Быыһаан ыллаҕына, эмиэ күөрэгэйэ ыллыа, күнэ
көрүө, оччоҕо баар-суох абаҕатыгар үйэлээх сааһын тухары
махтаныа, кини тылыттан тахсыа суоҕа!..»
Чоочо дьиппиэрдик атыны саныыр: «Бу саах иһиттэн саҥа
быкпыт үөн миигиттэн ордук аатырыа-сураҕырыа үһү! Суос
таах Додор кулуба, бэл, хараҕын далыгар киллэрдэ… Киниттэн
кыргыттар харахтара арахпат. Оннооҕор аат былдьаһыылаах
улахан ыһыахха тустан көр диэбиппин тустубатаҕа… Алыс
наһаа оройгунан көрөн эрэҕин! Онно-манна сырсан икки атах-
тааҕы иннигэр түһэрбэтэх, тустан хол быччыҥнааҕы тулуппатах
сураҕа иһиллэр. Нэһилиэктэри кэрийэ сылдьан эһиэкэй этэр
идэлэммит, онно миигин араастаан хомуруйар үһү!.. Маҥай
136