Page 141 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 141

иэдэһинэн оройго саайда. Эмээхсин уҥан хаалла. Дьон быы­
һыттан ким эрэ уордаахтык үөгүлээтэ:

    —  Позор! Палачи!!!

                                  ***

    Түрмэ кыараҕас хоһугар эргэ куойкаҕа Манчаарыны умса
бырахтылар. Ити хоһу тоҕо эрэ «балыыһа» диэн ааттыыллар…
Куойка сис ыарыһах киһилии айаккалыырга дылы гынна. Ман-
чаары урут хаһан да билбэт сыта таныытыгар саба биэрдэ.
Эмп сыта уонна сиикэй баас, хаан сыта быһыылаах… Үрүҥ
таҥаһы кэппит, аҕамсыйбыт киһи сирэйин мырдыс гыннараат,
төбөтүн быһа илгиһиннэ. Араҕас эбирдээх суон тарбахтары-
нан кэбилээбит уоланнарын иҥиирдэрэ килэҥнээн көстөр
хаан билик сиһин ыйда: «Изверги! Даже зверя нельзя так ис-
тязать!..» Үрүҥ таҥастаах икки дьахтар өҥөҥнөөтүлэр. «Уой!
Ужас!»  — диэн эдэрэ саҥа аллайда, сирэйин саба тутунна,
сааһырбыт дьахтар хараҕын уутун туора сотунна: «Господи!..
Разве можно так!..»

    Аҕамсыйбыт киһи Манчаары көхсүн ынырык баастарын тугу-
нан эрэ сэрэнэн сотто, үөһэ тыынна: «Ничего! Видать, крепкий
парень… До  свадьбы заживет!» Сотору буолаат, ыстакааҥҥа
туох эрэ кылбачыгаһы кутан аҕалла: «Бу тыыннаах испиир!
Маны түһэрэн кэбис!» Бу сырыыга уу сахалыы эппитигэр Ман-
чаары кэҕис гынна, хараҕын быһа симэн ону түһэрэн кэбистэ.
Хараҕа ирим-дьирим буолла, мэйиитэ эргийэн барда. Хайдах
хайдаҕый?!

    Кыараҕас хос кэҥээтэр кэҥээн барда уонна Арыылаах
алаас­ка кубулуйда. Тоҕус саастаах Манчаары аҕатыныын Бы-
таанылыын илиилэриттэн сиэттиһэн таптыыр алаастарын илин
баһыгар дьаарбайа тахсан иһэллэр. Онно таптыыр бэстэрэ
лаг­лайан турар. Кинилэр иһэллэрин ыраахтан билэн амарахтык
суугунаата, хойуу лабааларын кинилэри тоһуйа уунна. Тоҕус­
таах уолчаан сүүрэн тиийэн мааны бэһин кууспахтаата, сылаас
хатырыгар иэдэһинэн сыстымахтаата. «Оҕокком!» Таптыыр
бэһэ ийэтин курдук ботугураата. Уолчаан сүрэҕэ минньигэс­
тик нүөлүйбэхтээтэ уонна алын мутугуттан харбаат, үөһэ ха-
таастыбытынан барда. Аҕата Бытааны наҕыллык хааман кэлэн
уолчаанын өрө мыҥаан турда.

    —  Сыччыай, сэрэн, мүччү туттаайаҕын! Наһаа үрдүккэ ыт-
тыма!

    —  Аҕаа, мин үрдүгү таптыыбын! Билигин чыпчаалыгар тии­
йиэм!

                                                                                                                                     141
   136   137   138   139   140   141   142   143   144   145   146