Page 144 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 144

Сор-муҥ суоллаатылар!
                        Биир сымыыт ханна сытыйбатый!
                        Биир уол оҕо ханна өлбөтүй!
                        Синэ биир! Синэ биир!
                        Сидьиҥ сигилилээх,
                        Баламат батталлаах
                        Баайдары кытта
                        Өрөгөйдөөх батаспын
                        Өрө ууна сылдьан
                        Өлүөхпэр диэри
                        Өстөһүөм-саастаһыам!
                        Аанайбыан-туонайбыан!
                        Аны кэлэн мин
                        Аал уоту отторум,
                        Алтан сэргэни анньарым,
                        Амарах кэргэни хоонньоһорум биллибэт!..
                        Хабараан дьылҕам
                        Халбас харатын мииннэҕим,
                        Эбэтэр кинилэр!
                        Эбэтэр мин!..

    Ыллаан санаата чэпчээтэ, кытаанахтык утуйан хаалла. Ыны-
рык түүлү түһээтэ. Эһэ курдук хойуу түүнэн сэбирийэ үүммүт.
Арҕах ааныгар ону-маны иһиллии-иһиллии кирийэн сытар.
Мутук тыаһаабытыгар суостаахтык ырдьыгынаата. Ол ырдьы-
гыныыр саҥатыттан этэ салаһан уһуктан кэллэ. Суох! Суох!
Аны бу арҕахха тэһийэн-тулуйан сытыа суох! Тыына хаайтарар!
Айыы киһитэ арҕахха сытар анала суох эбит! Күн сырдыга
угуйара, ыҥырара бэрт!..

    Манчаары эһэ арҕаҕыттан сыылан таҕыста. Мас быыһынан
сайыҥҥы күн кылбайа ойон эрэр! Оо, үрүҥ күн! Махтал эйиэхэ
эн күн аайы күөгэйэ устарыҥ иһин! Махтал эйиэхэ сордоохтон
сиргэммэккэ, муҥнааҕы тумнубакка, аньыылаахтан-буруйдаах-
тан кэлэйбэккэ тыынарга, тыыммакка бука барыларыгар биир
тэҥник, амарахтык, сылаастык тыгарыҥ иһин! Махтал эйиэхэ
маннык ырааһыҥ, маннык сырдыгыҥ, маннык сылааһыҥ иһин!
Арҕахтан сыылан тахсыбыт эрэ эрэйдээх эйигин ордук сыа-
налыыр эбит!..

    Манчаары сөһүргэстээтэ, үрүҥ күҥҥэ үс төгүл бокулуон-
наан ылла. Күҥҥэ сүгүрүйээт, тоҕо эрэ күн ийэтин санаан
кэллэ. Кини өлөөрү сытар үһү!.. Хайаан да баран көрүстэҕинэ
табыллар! Күкээрбит баттахтаах төбөтүттэн сыллаан ылыа,
чарчыстыбыт иэдэһигэр иэдэһинэн сыстыа, кини амарах, хаан

 144
   139   140   141   142   143   144   145   146   147   148   149