Page 139 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 139

балыырдаах дьүүлү таһаарыахтарын сөбүй?! Тугу оҥорбутун
иһин?! Туох да амырыын быһыыны оҥорботоҕо, киһи хаа-
нын тохпотоҕо. Арай дьадаҥылары, атаҕастаммыттары ку-
руук аһынара, бардам батталы хорсуннук утары көрөр этэ! Ол
ыар буруйа, хараҥа аньыыта үһү дуо?! Үрдүк Таҥара бары-
тын көрөн, билэн тураҕын, арчылаа! Аһын! Харыһый! Таҥара
тугу да саҥарбат… Таҥара ымыттыбат… Суут-сокуон эмиэ!..
Манчаарыны сарсыарда эрдэ тимир сыабынан кэлгийэн, хара
таҥас бүрүөһүннээх «эшафот» диэҥҥэ олордон ханна эрэ ил-
дьэ бардылар. Оо, ол күнү хаһан да умнуо суоҕа!

    «Малый базар» диэн ааттанар эт атыылыыр сиргэ, куорат
кытыытыгар дьон бөҕө мунньустубут. Туох эрэ көрү көрөөрү
мунньустубут курдуктар. Сорохтор соппулуот үрдүгэр субул­
ҕаҕа иҥсэрбит тураахтар курдук харааран олороллор. Арай
ыһыахха маннык тоҕуоруһааччылар… Сэлээппэлээх тойоттор,
мааны таҥастаах хотуттар боччумура тутталлар. Оҕонньот-
тор, эмээхситтэр эмиэ үтүрүһэллэр… Сибилигин ити дьону
мантан үүртэлээн кэбистэр улаханнык хомойуох, бэл, сорох-
торо ытаһыах этилэр!.. Аттаах полицейскайдар ыҥыырдары-
гар чынаһыахтарынан чынаспыттар. Туох эрэ улахан дьиктини
бары күүтэр курдуктар… Болуоссат ортотугар хара остоол-
бо соҕотоҕун суоруйан турар. Сутуругун суулуу туттубут хара
түүлээх суон хары курдук халлааҥҥа, күҥҥэ дугдуруйарга,
суоһурҕанарга дылы… Кини анныгар былаахы дуоска хараа­
рар. Саат остоолбото диэн дьэ бу буоллаҕа!.. Айаҕын атан
иччилээхтик хааҕыргыырга бэлэм олорор аччык суорга май-
гылыыр!.. Ол аттыгар икки таныыта тыырыылаах, икки иэдэһи-
гэр күөх чэр бэчээттэрдээх сүүнэ улахан нуучча багдаллан
турар. Арай сибилигин сиэх абааһы итинник кырыктаахтык,
суостаахтык көрүтэлиирэ буолуохтаах… Сип-сибилигин ыйыс­
тан кэбиһиэхтии эдэр уоланы иҥсэлээхтик одууласта, ымах
гынна. Кугас түүлээх модьу, кыһыл тарбахтарынан кытаанах-
тык, дьороҕойдук тутан-хабан сыгынньахтаан барда, аҥаардас
баккынан эрэ хаалларда. Хара остоолбо төрдүгэр тымныытык
кынчыаттаан сытар хара былаахыга кэтэҕин аһыттан харбаат,
умса бырахта. Хоччоххой саппыйаан быанан моонньуттан, син-
ньигэс биилиттэн, атаҕыттан били былаахыга ыбылы кэлгийдэ.
«Ну, парень, держись!» — диэн хардьыгынаата, ырдьах гынаат,
ытыһыгар силлэннэ, икки салаалаах кымньыыны ылла, сал-
гыны кууһурҕатта. Дьон, күүгүнэһэ тураннар, эмискэ им-дьим
бардылар. Манчаары бачча дьон хараҕын ортотугар таһыллыан
билигин да итэҕэйбэт. Ама да. Ама да… Сааттаах остоолбоҕо

                                                                                                                                     139
   134   135   136   137   138   139   140   141   142   143   144