Page 143 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 143
сымнаҕас баҕайытык иэдэһиттэн убураан ылла. Уолан көхсүн,
сиһин амырыын ыарыыта арыый мүлүрүйэргэ дылы гынна…
***
Манчаары сүрүн аһа сылгы этэ. Чоочо сылгытын үөрүттэн
биир тыйы сырсан сиэлиттэн харбаабыта, ойоҕолуу сүүрэн
иһэн быһаҕынан сүнньүн анньан кэбиспитэ. Тыйын этин түҥ
ойуурга эһэ кур арҕаҕар хаһааммыта. Түүн ол арҕахха утуйар.
Арҕах иһэ кураанах. Кур сэбирдэх дэпсэлээх. Сытарга сым-
наҕас. Биир киһи холкутук батан утуйар. Эһэкээн үнүгэстэрин
кытта сытарыгар анаан хастыбыт арҕаҕа быһыылаах. Маҥнай
утаа арҕахтан сүрэ-кута үргэр курдук этэ, түүн арыт уута кэл
бэккэ уһуутуу-уһуутуу өрө мөхсөрө. Сырҕан эһэ курдук сыҥ
ойуур дугуйдаммытыттан, сөрүүн арҕах ордууламмытыттан
олус муҥатыйар, муунтуйар этэ. Ол түгэҥҥэ урукку үгэһинэн
ырыа ыллаан дьэгдьийэ түһэрэ.
Оо, дьэ, муҥум эбит!
Олус даҕаны муунтуйдум,
Олус даҕаны харааһынным!
Сүрэхтээх киһи
Сүрэҕим ыарыйдаҕыан!
Сүрдээх-куттаах киһи
Сүрүм-кутум сүүдүйдэҕиэн!
Аһыныгас санаалаах,
Арҕаһыттан тэһииннээх
Айыым дьонуттан арахсаммын
Атыыр эһэ
Аарыматын курдук
Арҕахха хорҕойор
Амырыын аналланнаҕым!
Ханнык аньыыбар маннык
Хараҥа дьылҕаланным?
Туох буруйбар маннык
Тоһоҕос тулаайах оҥоһууланным?!
Оо, сорум эбит!
Оо, абаккам эбит!
Күн диэки өттүбүн
Күөйэ хаамтылар,
Көнүлбүн былдьаатылар,
Ситэн туран
Сир-буор сирэйдээтилэр,
Сонордоон туран
143