Page 145 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 145
уруу сытын сүрэҕинэн билиэ… Оччоҕо… Оччоҕо хараараары
гыммыт үрүҥ тыына сырдыа!
Манчаары, төрөөбүт алааһыгар киирээт, дьиҥнээх айыы ки
һитэ буоларын дьэ дириҥник өйдөөтө. Күн сирэ бүтүннүүтэ бу
төрөөбүт алааһыттан саҕаланар эбит! Сүрэҕэ минньигэс ба
ҕайытык нүөлүйбэхтээтэ. Түптэ буруотун сыта минньигэһиин!
Түүҥҥү сиккиэр сымнаҕас баҕайытык кини өтөрүнэн тараам-
матах баттаҕын имэрийбэхтээтэ. Төрүт буоругар үктэнээтин
кытта тиҥилэҕин хараҕынан айыы санаа, күн санаа сүүрү-
гүрэн киирэргэ дылы гынна!.. Ол төрөөбүт балаҕана самнайан
көстөр. Туохтан кини маннык күлүгүрдэҕэй?! Кини эмиэ аата
алдьаммыт уолуттан кыбыстан, саатан сиргэ тимирэ сатыыр
дуо?! Ол эрээри холдьоҕуо, үүрүө суоҕа, син биир амарахтык
ыҥыран ыраахтан былаатынан сапсыйар курдук… Оо, аҕынна
даҕаны!.. Ити түптэ буруотун, ити оҥойор кыараҕас түннүк-
тэри, ити хоройор оһох хоруотун!.. Барыта бүрэ, санньыар,
ол эрээри хаан уруулуу!.. Ол сэргэтэ барахсан күүтэн тураах
тыыр. Кыратык иҥнэйбиккэ дылы… Ыар санаатын уйбакка
дуо?.. Ыта тоҕо үрбэтий? Иччитин ахтан өлөн хаалбыта буолаа
рай!.. Ийэтэ муҥнаах кинини хайаан да үөрэ көрсүө, уҥуох-
тирии илиитинэн ыксары да ыксары кууһан ылыа!..
Манчаары халҕаны арыйаары илиитин уунан эрдэҕинэ, ким
эрэ кинини күүстээхтик төбөҕө оҕуста. Өйдөнөр түгэн биэр-
бэккэлэр эрэ үрдүгэр саба түстүлэр.
***
Икки күн устата үрэхтэрин бата бардылар. Эһэ оҕолорун
үөһүттэн күҥҥэ үстэ ууга суурайан Манчаары истэ. Чахчы, хай-
дыбыт бааһа ириҥэрбэт буолла, сүүлэ испитэ тохтоото, онон
кыратык доҕолоҥнуур эрэ. Атаһыттан хаалсыбат.
Үрэхтэрэ улам-улам кэҥээн иһэр. Дохсун сүүрүктээх дьоһун-
наах үрэх эбит. Сэрэйбиттэрин курдук улахан эбэҕэ түстэ.
Били аатын ааттаан иһэр Элиэнэ эбэлэрэ дьэ көһүннэҕэ! Кы-
тылга умса түһэннэр өр сыппахтаатылар. Уоскуйбуттарын кэн-
нэ, Өлүөнэни одуулаан олорон, Манчаары ырыа ыллаата:
Оо, дьэ!
Олус уохтаахтык сананан,
Окко түспүт оҥоһуум
Ончу тиэрэ уларыйан,
Алыс ахсымнык сананан,
Аартыкка баппат
Алдьархай бөҕө аргыстанан,
145