Page 150 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 150
аарыма кырдьаҕас баар үһү! Кинини бар дьоно ытыктаан «сир
түннүгэ» диэн ааттыыллар үһү!..
Манчаары эрэллээх доҕорунуун Кырбыйдыын ол кырдьаҕас
аатын ааттаан аттаннылар. Икки аллаах атынан эбэ кытылын
киэһэ омурҕан саҕана буллулар. Онно оттуу таарыйа муҥха-
лыы сылдьар дьоҥҥо таарыйдылар, бииргэ чэйдэстилэр.
Манчаарылаах ханна баран иһэллэрин саха дьонун үгэһинэн
сурастылар. Аар кырдьаҕас туһунан истэллэр эбит.
— Ол кырдьаҕас ыалдьар сурахтааҕа… Тыыннааҕын батта
һаҕыт дуу, суох дуу…
Манчаары кимин сэрэйдилэр быһыылаах, тугу да ыйыталас-
паттар. Хайаан да эрийэн-мускуйан төрүппэр тиийэ сураһыах-
тара диэн дьиксинэ олорбут эрэйдээх ити иһин сэмээр мах-
тана санаата. Эр ылан тыл көтөхтө: «Уҥуор туоруурбутугар
оҥочоҕутун улассыҥ. Ол оннугар төннүөхпүтүгэр диэри икки
аппытын хаалларыахпыт. Ханна барыахпытый, манан төннөн
ааһарбыт биллэр».
Отчуттар сирэй-сирэйдэрин көрүстүлэр. Барыларыттан аҕа
көрүҥнээхтэрэ көхсүн этиттэ: «Сахалар буоллахпыт дии. Бэйэ-
бэйэбитин өйөнсөн баччаҕа кэллэхпит. Эбэ бэркэ санаата көм-
мүт. Чуумпуну баттаһа туоруу охсуҥ!»
Манчаарылаах наҕылыйа барбакка оҥочоҕо киирдилэр уон
на үөс диэки анньынан кэбистилэр. Көрдөххө соччо ырааҕа
суох эрээри, эрдиннэххэ эбэ иэнэ кэтит, киэҥ да буолар эбит!
Нөҥүө күнүгэр түүнү быһа эрдинэн күн балачча ойбутун
кэннэ Нөмүгү аттынааҕы кытылга дьэ тигистилэр. Оҥочоло-
рун кистии да барбатылар, атын киһи оҥочотун ким да ылыа
суоҕун билэллэр. Иннилэригэр буруо унаарыйарын көрөн ол
диэки сатыы хаамтылар. Салгын килэриччи сиэбит сирэйдээх,
кылар харахтаах киһи икки илии кэриҥэ тастаах сылгы ойо
ҕоһун уокка салла олорор. Бу адьарай сылгыны уоран сии
олорор дуу?! Манчаарылаах кинини саҕатыттан харбыахтыы
субу өрүкүһэн кэлэн, икки өттүгэр турунан кэбистилэр. Кылар
киһи куттаммата, хата, ымах гынна.
— Эһиги миигин сылгыны уоран сии олорор диир быһыы-
лааххыт. Бу мин аҕам биэтэ маска айанан хаалбытын эттээн
баран аһыы-сии олоробун. Хата, олоруҥ, эттэ сиэһиҥ!
Манчаарылаах үөрэ түстүлэр, үөлбүт эт үрдүгэр түстүлэр.
— Бу эргин аатырар Тыгын хаан уруута аарыма кырдьаҕас
олорор үһү. Кини сайылыга ханна баарын ыйан кулу.
— Ол кырдьаҕас мин таайым. Оҕонньор улаханнык ыалдьар.
Ол талах кэннигэр уһун ньолбуһах күөл баар. Күөл уһугар оҕон-
150