Page 155 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 155
мыт. Илимигэр хас да сахсырҕа иҥнибит, ол сордоохтор төлө
көтө сатаан ибирдииллэр эрэ. Эриэн, төгүрүк истээх ооҕуй
оҕус сарбаҥнаан кэлэн кинилэри уулаан барда. Манчаары,
кыыһырбыттыы хааһын сүллүһүннэрээт, ооҕуй оҕуһу илимнэ-
ри-баҕастары харбаан ылаат, муостаҕа бырахта, түнэ этэр
бэстээх атаҕын тилэҕинэн ибили тэбистэ, кэлэйбиттии «топ»
гына силлээтэ… Ытык кырдьаҕастара барыларын кэриччи кө
рөөт, эмиэ тугу да саҥарбакка олорунан кэбистэ. Хос иһигэр
эмиэ им-дьим буолла… Эмискэ тырыттыбыт таҥастаах дьа-
даҥы киһи, саамай дьорҕоотторо, ытыһын таһынна. Дьадаҥы-
лар бары ытыстарын таһыннылар. Кулуба, тараҕай, суон киһи,
көхсүн этиппэхтээт, киэр хайыста. Баай-сэниэ өттүлэрэ бары
ууну омурдубуттуу «мыык» да диэбэтилэр. Мунньах кэнниттэн
үрдүк уҥуохтаах акыллыбыт киһи Манчаары илиитин ыга тутта.
— Баһылай Манчаары, биир тыла суох барыбытын сөхтөр
дүҥ… Барыбыт өйдөөтүбүт… Чахчы, бар дьон ытыктыан ытык
тыах киһитэ эбиккин!
— Уруука! Эйигин бу дойдуга кэлээт, сураспытым!
Манчаары атаһыгар икки хонон, маанылатан кэллэ.
Уруука киниэхэ тарбыйахтаах ынаҕы биэрдэ. Сымара уус
уола Киргиэлэй, били мунньахха аан маҥнайгынан илиитин
таһыммыт киһи, эмиэ тарбыйахтаах ынаҕы бэлэхтээтэ.
Тураах чаччыына диэн, кэргэнэ суох эрээри, элбэх сүөһү
лээх, элбэх хамначчыттардаах оҕонньор, Манчаарыны ыҥыран
ыалдьыттаата, икки ынаҕы, биир аты биэрэн ыытта.
Манчаары сэниэ соҕус ыал буола түстэ.
— Атын сэмэй, көнө, бүгүрү саха дьонун сиэринэн, от от
тоон, сүөһү иитэн, үлэлээн-хамсаан бэйэ ыал буолара дьиҥ
нээх дьол быһыылаах. Муҥ саатар, кырдьан баран итинник
олоҕу билэ түстүм…
Манчаары атаһыгар Уруукаҕа итинник эппитин сэһэн оҥо
һуннулар.
(…)
Сайын аайы Сайыы Айаҕа диэн сиргэ биир-икки киһини
көмөлөһүннэрэн оттуур. Саас онно кустуур. Билигин да ыта-
ра хаала илик. Дойдутуттан сүгэн кэлбит бинтиэпкэ саатынан
көлүйэ ортотугар олорор моонньоҕон куһу моонньун быһа ытан
кэбиһэр. Күһүн маҥхайбыт куобахтары ыраахтан тэһитэ ытыа-
лыыр. Ааспыт эрэйдээх-буруйдаах олоҕун туһунан кэпсиирин
сөбүлээбэт. Биирдэ эмэ улаханнык ытыктыыр киһитигэр эрэ
өрөөбүт уоһун өһүлэр, хоммут уоһун хоҥнорор. Оччоҕо оҕон-
ньоттор үөһэ тыынаахтыыллар, эмээхситтэр уйадыйаллар, ха-
155