Page 151 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 151

ньор балаҕана көстөн турар. Ол кини сайылык балаҕана. Мум-
макка бэйэҕит даҕаны тиийэр инигит.

    Манчаарылаах сатыы бэйэлэрэ бардылар. Кырдьык, уһун
ньолбуһах элгээн күөл уһугар саха балаҕана тулаайахсыйан
турар. Балаҕан аана аһаҕас. Тойтойбут торбос сонноох дьах-
тар куобах суорҕаны, кулун тэллэҕи балаҕан иһиттэн таһаар-
да, күрүөҕэ салгылата ыйаталаата. Хараҕа кытаран хаалбыт,
сибилигин ытаабыт чинчилээх.

    —  Кырдьаҕас дьиэтигэр баар дуо?
    Билбэт дьоннорун дьахтар дьэ таба көрдө.
    —  Бу эһиги кимнээхтэргитий?
    —  Биһиги ыраахтан, эбэ уҥуоруттан сылдьар дьоммут. Кыр­
дьаҕаһы көрсүөхпүт этэ…
    —  Кырдьаҕас бөлүүн куһаҕан буолбута. Балаҕаҥҥа эмээх-
синэ баар.
    Манчаары курус гына түстэ. Турбахтыы түһээт, балаҕаҥҥа
соҕотоҕун киирдэ. Кырбый тиэргэҥҥэ чуҥнуу хаалла.
    Кэтэҕириин ороҥҥо хаар маҥан баттахтаах, үрдүк сүүстээх
аар кырдьаҕас быар куустан утуйбут курдук сытар. Кини атты-
гар талах олоппоско сааһырбыт дьахтар санаарҕаан олорор.
Дьиэлээх хотун буоллаҕа. Өртөн билэр киһитин курдук, Ман-
чаарыга утары хааман кэллэ, илиитин уунна.
    —  Оҕонньорум эйигин күүппүтэ…
    —  Бай, мин кэлэрбин хантан билэн?..
    —  Кини ким кэлиэхтээҕин эрдэттэн билэр идэлээҕэ. Аат­
таах киһи Манчаары иһэр диэбитэ. Бүгүн сассыарда тыына
быстыбыта. Эйигин күүтэ сытан… Бу саппыйатын хаалларбыта.
    Дьахтар бокуонньук сыттыгын анныттан оһуордаах сарыы
саппыйаны ылан ыалдьытыгар биэрдэ. Манчаары туох да диэн
булбакка саппыйаны туппахтаата. Хотун курустук сонньуйда.
    —  Ити бэйдиэ саппыйа буолбатах. Оҕонньорум улаханнык
күндүргэтэр этэ… Кини хас да сыллааҕыта күн ыраахтааҕы-
ны көрсө бара сылдьыбыта. Ити саппыйатыгар төрүт буорун
хаалаан илдьибитэ. Сылтан ордук айаннаан тиийбит үһү. Күн
ыраахтааҕы: «Сахалар эһиги тугу аһаан олороҕут?»  — диэн
ыйыпп­ ытыгар, оҕонньорум: «Буору!» — диэбит. Күн ыраахтаа­
ҕы дьиибэргээбит уонна эмиэ ыйыппыт: «Сахалар туох баай­
дааххытый?» Оҕонньорум чобуотук хоруйдаабыт: «Буор!»
Ыраахтааҕы хотунун диэки көрөн ылбыт уонна баһын быһа
илгистээт: «Сахалар тугу ордук таптыыгыт?»  — диэн тиһэҕэр
ыйыппыт. Оҕонньорум дорҕоонноохтук саҥа аллайбыт: «Төрүт
буорбутун». Ыраахтааҕы эмиэ хотунун диэки хайыһаат, ымах

                                                                                                                                     151
   146   147   148   149   150   151   152   153   154   155   156