Page 152 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 152
гыммыт, хотуна кэҕис гынаат, мичээрдээбит. Ыраахтааҕы ты
йыс сэбэрэтэ сымнаабыт. «Акаары киһи буолбатах быһыы
лааххын… Ити төрүт буоруҥ туһунан миэхэ быһааран кулу!»
Оҕонньорум сүгүрүйбүт уонна эппит: «Күн ыраахтааҕы,
буортан күөх от үүнэр, сүөһүлэрбит ону сиэн дьылы туоруул-
лар, оттон биһиги сүөһү үүтүн иһэн, этин сиэн тыыннаах оло-
робут. Онон син биир буору сиирбит кэриэтэ! Буортан күндү
түүлээхтиир хара тыабыт үүнэр, буортан балыктыыр, кустуур
улуу далайдарбыт ууларын тардан дьалкыйдьыйаллар, буор-
тан көмүһү хостуубут, онон бастыҥ баайбыт буор эбээт! Тыын-
наахпыт тухары төрүт буорбут устун сүүрэ, хаама сылдьабыт,
өллөхпүтүнэ төрүт буорбутугар көмүллэбит. Онон биһиги төрүт
буорбутун, бэл, ийэбитинээҕэр, аҕабытынааҕар ордук таптыы-
быт!»
Ыраахтааҕы ойон туран оҕонньорум илиитин ыга туппут,
хотуна ытыһын таһыммахтаабыт, ыраахтааҕы арыалдьытта-
ра бары күлэн ньиргиспиттэр. Оҕонньорум кэһиилэнэн кутан
аҕалбыт буорун көмүс холбукаҕа куттарбыта үһү. Саппыйаты-
гар толору манньыаты биэрбит. «Бу дьоллоох саппыйа эбит!
Хаһан эрэ саха чулуу киһитигэр бэлэхтээр!»
Оҕонньорум бу саппыйаны уура сылдьыбыта…
Манчаары имэ тэтэр гынна… Саппыйаны холкутук сиэбигэр
уктан кэбистэ. Уһуктубат уутунан утуйа сытар аар кырдьаҕаска
им-дьимник сүгүрүйдэ уонна тахсан барда.
Эбэлэрэ кинилэр дьоллоругар харааннаан, чуумпуран сы-
тар. Онон этэҥҥэ туораатылар. Отчут уолаттар үөрэ-көтө кө
рүстүлэр: «Дьоннорбут кэлимээри гыннылар диэн ыксаатыбыт.
Атын киһи аттарын харайбыппытын биллэхтэринэ тыллаан
биэр иэх этилэр. Баҕар, суукка-сокуоҥҥа эриллиэ этибит…»
***
Бүлүүтээҕи саҥа аймахтара Манчаарыга маҥан аты бэлэх-
тээтилэр. Манчаары олус үөрдэ. Маҥан аты миинэр идэлээҕэ.
Хабыр, эдэр сааһыгар хараҕын уотун хатаабыт баайдарын тэл
гэһэлэригэр маҥан атынан ойутан киирэрэ… Ол маҥан атын
сарсыарда аайы Сайыы Айаҕа диэн кыра үрэх түһэр көлүйэти-
гэр уулата киирэр. Бу Сайыы Айаҕын тоҕо эрэ сөбүлүү көрөр.
«Өллөхпүнэ бу Сайыы Айаҕар көмүллэрим буоллар!» — диэн
сэмээр саныыр. Бүгүн онно, маҥан атын уулата турдаҕына,
тойон көтөр сабырыйа көтөн кэллэ. Манчаары үрдүнэн үс тө-
гүл халаатаата. Бука, кини маҥан баттахтаах төбөтүн куобах
дии санаатаҕа… Манчаары сонньуйда. «Ытык көтөр, алҕаһаа
152