Page 157 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 157

***

    «Дьарбайга дылы бэрдимсийдиҥ дуо!» Ким эрэ киэбирээ-
ри гыннаҕына манна олохтоохтор саҥа аллайаллар. Дьарбай
наһаа бэрдимсик, кими да бэйэтигэр тиэрдэ санаабат. Наһаа
байбытыттан буоллаҕа… «Ээ, ол киһи диэхтээн!..» «Эһиги ба­
ҕас…» Кини ити таптыыр тыллара… Манчаары кинээс буол­
бутун истэн сиргэ силлээтэ. «Оо, дьэ, булан-булан кинээс
оҥордохторо! Тоҕус улууска сураҕырбыт торҕон түөкүн… Сор-
суйа кырдьан манна тыҥыраҕын кистэнэн, ньылбыйан олорор!
Кинээс буолан киэбирбитинэн барыа! Акаарылар дьэ оччоҕо
кэмсиниэххит!..»

    Дьарбай ити тылларын Манчаары иһиттэ, иһигэр абара
санаата. «Сытыйа байан кими да ахсарбат буоллаҕа… Эдэр
эрдэхпинэ миэхэ түбэспитиҥ буоллар!.. Киммин биллэриэм
этэ!..»

    Дьарбай Манчаарыны угаайытыгар киллэрэр санаалаах.
Мааны ыалдьыттары ыҥыран олорон Манчаары ааспыт олоҕун
сэһэргэтэн истиэхтээх уонна дьэбэлэйдиэх тустаах: «Дьэ ити
баар! Бары иһиттигит! Төһө бэрт киһини кинээһинэн талбыт
эбиккитий! Оо, хоҥ мэйиилэр! Кинээһинэн миигин эһиги та-
лыаххыт этэ!.. Өйгүт тиийбэт!..»

    Ити санаатын кистии сылдьар, Манчаарыны көрүстэҕин
аайы хаайар: «Бэрт киһи бэркин билиэхпитин, ааспыт дьал­
хааннаах сырыыларыҥ туһунан сэһэргээн биһиги кулгаахпы-
тын тобул, харахпытын арыйан кулу!» Манчаары сирэйэ ты­
йыһырар.

    —  Ол мин ааспытым соччо үчүгэйэ суох сэһэн… Ону ха-
сыһыма, кырдьаҕаас. Ону өйдөөн-санаан кэллэхпинэ, бэйэм
да сүрэҕим ыалдьар…

    Дьарбай истэ да барбата, Манчаарыга сымала курдук сы­
һынна. «Кэпсээ да кэпсээ»,  — диэн үүйдэ-хаайда. «Кэнэҕэс
кэнчээри ыччаппытыгар кэпсэл оҥостуохпут!»

    Манчаары көхсүн этиттэ.
    —  Дьэ буолар да эбит. Эмиийин эмиэн баҕарбыт оҕо курдук
арахпатыҥ. Айылааҕын санааҕын толороргор тиийэбин. Аны
үс хонугунан оҥостон, бэлэмнэнэн олороор. Кэрэ сонуннаах
күндү ыалдьыт буола кэлиэм!

                                                ЭПИЛОГ

    Манчаары өлөр ыарыытынан ыалдьан охтубута хас да хон-
но. Бүгүн арыый чэпчээтэ, хараҕын аста. Кэргэнэ, мотоһуйбут
эдэр дьахтар, мас кытыйаҕа үүт аҕалан биэрдэ. Манчаары ик-

                                                                                                                                     157
   152   153   154   155   156   157   158   159   160   161   162