Page 158 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 158

китэ-үстэ омурдаат, кытыйатын төттөрү уунна уонна хараҕын
эмиэ быһа симтэ. Хараҕар оҕо эрдэҕиттэн таптыыр ытык
маһа  — лаглайбыт лабаалаах үрдүк бэс көстөн кэллэ. Суон
лабаатын кини диэки уунан амарахтык суугунаата: «Оҕом, өр
даҕаны уччуйа сырыттыҥ… Олус да өр күүттүм!..» Манчаары
сүрэҕэ нүөлүйбэхтээн ылла: «Таптыыр бэһиэм, мин эмиэ эйи­
гин көрүөхпүн олус да баҕарар этим!..»

    Иннин диэки атыллаата, атахтара чэпчээн хаалбыт курдук-
тар. Сибилигин ити ахтыбыт толуу бэс маһын кууһан ылыа.
Тыый! Бэс мас наскылдьыйа түһээт, үрүҥ көмүстэн кутуллубут
илин-кэлин кэбиһэрдээх, киис бүүрүктээх мааны сонноох хо-
тун дьахтар буолан хаалла. Кыһыл көмүс ытарҕата эйэҥэлии
хамсаата, эйэҕэстик кэҕис гынан эҕэрдэлээтэ уонна сайаҕас­
тык мичээрдээтэ.

    —  Хайа, миигин билбэтиҥ дуу?
    Манчаары кыбыһынна, умса көрдө.
    —  Эн… Эн хайалара буолаҕын?
    —  Эн төрөөбүт алааһыҥ Арыылаах эбэ иччитинэбин.
    —  Оо, ол иһин  да!.. Олус да аҕынным!..
    —  Мин ону билэбин. Төрөөбүт алааһыҥ буорун оҕус ха-
баҕар уктан ууруна сылдьыбытыҥ. Күнүс арыт ким да суоҕар
ол хабаҕы сыллаан ыларыҥ, түүн ол хабаҕы сыттыгыҥ анныгар
уктан утуйарыҥ… Дьэ көрүстүбүт… Оҕом, орто дойдуга син
балачча олордуҥ, ол түмүгэр тугу өйдөөтүҥ?
    —  Биири эрэ өйдөөтүм  — киһи эрэйдээх бэйэтин ситэ өй-
дөөбөккө өлөн хаалар эбит. Ити Таҥара улуу муудараһа бы­
һыылаах, киһи бэйэтин толору өйдөөрү куруук үүнэ, сайда са-
тыыр, куруук иннин диэки дьулуһар, ол иһин олох салҕанан
бара турар…
    —  Дьол диэн тугуй?
    —  Дьол диэн көҥүл буолуу. Сир үрдүгэр биир да көҥүл киһи
суох. Бука барылара — кулуттар. Үс ынырык хабала кинилэри
кулут оҥорор. Бастатан туран, баай-дуол хабалата. Байа са­
таан дьоннор олохторун устата өрө мөхсөллөр, түүн аанньа
утуйбаттар, күнүс түптээн олорботтор. Байдахтарына онтука-
ларын манаан эмиэ аанньа утуйбаттар, эмиэ түптээн сынньам-
маттар, баайдарыттан көҥөнөн быһыылыын-майгылыын ал-
дьаналлар, байар туһугар бары хараҥа аньыыны оҥороллор,
бары сидьиҥ быһыыттан туттумматтар. Онон дьоннор баай-
дуол кулуттара. Иккиһинэн, үрдүк соло хабалата. Кыһытыан
иһин, дьон саамай өйдөөхтөрө үрдүк соло хабалатыгар эпсэ-
ри харбаталлар. Чаччыына кинээс буолуон баҕарар, кинээс

 158
   153   154   155   156   157   158   159   160   161   162   163