Page 159 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 159

кулуба солотугар дураһыйар, кулуба күбүрүнээтэр солотугар
тарбачыһар… Дьэ ол курдук үрдээтэр үрдүү туруон баҕарар…
Үрдүк сололоохтон бары куттаналлар, онон дьон бары үрдүк
соло кулуттара. Үсүһүнэн, бэйэ-бэйэҕэ ордугурҕааһын кулут-
тара. Дьадаҥы баайга ордугургуур, мөлтөх күүстээххэ, акаа-
ры өйдөөххө, кырдьаҕас эдэргэ, бүрэ кэрэҕэ ордугургуур. Ити
саамай күүстээх, кытаанах хабала. Ити үс суол хабалаттан
быыһаммыт киһи — көҥүл киһи. Көҥүл киһи — дьоллоох киһи.

    —  Эн дьоллооххун дуу, сордооххун дуу?
    —  Ити үс ынырык хабалаттан мин быыһаммытым. Мин — кө­
ҥүл киһибин. Олохпун хараҥа хаайыыга, кытаанах тутууга-ха-
быыга, көскө атаардым да буоллар, мин — көҥүл киһибин. Ол
аата мин дьоллоохпун!
    Арыылаах эбэ иччитэ уолун Манчаарыны кытаанахтык ыга
кууста, Манчаары түү курдук чэпчээн хаалла, күн диэки өрө
көтөн барда…
    — Оо, Манчаары бараахтаата! — ким эрэ чуумпутук боту-
гураата.

           Ыйытыылар уонна сорудахтар

    1.  Манчаарыга боростуой норуот үтүө сыһыанын көрдөрөр тү­
        гэннэри ырытан кэпсэтиһиҥ.

    2.  «Манчаары ааспат ахтылҕана  — төрөөбүт алааһа…» буола­
        рын сэһэн ханнык олуктарыгар, хайдах ойууланарын сэ­
        һэргэһиҥ.

    3.  Манчаары «Сир үрдүгэр биир да көҥүл киһи суох. Бука
        барылара — кулуттар. Үс ынырык хабала кинилэри кулут
        оҥорор» диэн санаатын анаан ырытыһыҥ.

Аах. Бил. Туһан

    1.  Васильева  Д. Е. Айар үлэ аргыстанан, айыы санаа көтөл­
        лөнөн… // Чолбон.  — 2000.

                                                                                                                                     159
   154   155   156   157   158   159   160   161   162   163   164