Page 149 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 149
Манчаары атаһыныын бааһынай киһитигэр илимин абырахтаан
биэрдилэр. Уола сарсын балык ыла кэлиэр диэри наҕылыйан
хонорго, сынньана түһэргэ быһаарыннылар. Тото-хана аһаан
кытаанахтык утуйан турдулар. Балыксыт удьурҕай уктаах, сы-
тыы баҕайы быһаҕар олус ымсыырдылар. Иччитэх сис тыаны
кэтэн иһэр эрэйдээхтэргэ ити быһах олус наадалаах буолуох
эбит. Чохорооно эмиэ!
Манчаары тулуйбакка балыксыттан көрдөстө:
— Доҕоор, биһиги кимнээхтэрбитин бэйэҥ сэрэйэҕин. Ыраах
айаннаан иһэбит да биир эрэ быһыччалаахпыт. Ити быһаххын
уонна чохорооҥҥун биһиэхэ биэрдэргин хайдах буолуой? Эн
бу эргин дьиэлээх киһи сүгэ, быһах булунуоҥ буоллаҕа…
Балыксыт тугу да саҥарбата, истибэтэҕэ буолла. Чохороо
нун уонна быһаҕын отуутун иннигэр хаалларан илимин көрө
киирдэ. Атастыылар быһаҕы, сүгэни ылан баран хаалаары
гыннылар да, кыбыһыннылар. Бачча маанылатан баран сүрэ
бэрт!.. Күүппэхтии түспүттэрин кэннэ балыксыт хас да сор-
доҥноох, биир бил балыктаах эргилиннэ. Дьонноро күүтэн
олороллорун көрөн үөрэ түстэ.
— Киһи киэнэ үтүөлэрэ очурга охсуллан сылдьар эбиккит.
Мин ити быһахтаах чохорооммун соруйан хаалларан, илиммин
көрө киирбитим. Киирээппин кытта малларбын ылаат, атах-
ха биллэриэхтэрэ дии санаабытым. Кимнээххитин биллим!
Быһахпын уонна чохорооммун бэлэхтиибин. Тыыбын эмиэ
биэр эбин. Тыыгытыгар бу балыгы кытта дьуухаланы тиэниҥ.
Миэхэ саппаас быһах да, сүгэ да баар. Икки тыылаахпын.
Күрүөйэхтэр нуучча үтүө санаалаах киһитин ыгыта кууспах-
таатылар.
***
Манчаары хаһан да маннык санаарҕаабытын өйдөөбөт.
Этэргэ дылы «кэлэр сирэ кэлии үүтэ, барар сирэ баҕана үүтэ»
буолла. Атастара сыл аайы аҕыйаан иһэллэр. Үгүстэр киниттэн
дьиксинэллэр. «Манчаарыны кытта атастыыбытын биллэхтэ-
ринэ, тойоттор кырыы харахтарынан көрүөхтэрэ», — дии са-
ныыллар. Ити иһин кинилэри баалыыр да сатаммат. Тойон
өһөөбүт кыра киһитэ киһи буолбат, тыал утары силлээтэххэ
силиҥ сирэйгэр бырдаҥалыыр…
Сүрэх кими эрэ кытта сүбэлэһиэн арыт олус умсугуйан ба
ҕарар. Манчаарыга эмиэ оннук кэм кэллэҕэ… Чугаһынан бил-
лэр-көстөр бөлүһүөк киһи суохха дылы…
Арҕаа Хаҥаласка Нөмүгү диэн сиргэ Тыгын хаан уруута
149