Page 146 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 146
Түүнүктээх түрмэттэн
Төлө туттараммын
Төрөөбүт ийэ буорбар
Төннөн, күрээн иһээхтиибин!
Атаҕым анныгар
Аймана, дьалкыйа сытар
Аатырар Элиэнэ эбэккээм,
Айхал-уруй буоллун!
Уһун суол ороспуойа диэҥҥин
Уордайа одуулаама,
Аргыардаах аартык
Адьырҕата диэнҥин
Атыҥырыы көрүмэ!
Сатыыттан тайаҕын талаабыт
Сааттаах буруйум суох,
Аттаахтан атын былдьаабыт
Амырыын аньыым суох!
Бардам батталы
Балысханнык утараммын
Балыырга түбэспитим,
Кыһарҕаны, атаҕастабылы кытта
Кырыктаахтык күөн көрсөммүн
Кырыыска үүрүллүбүтүм.
Онон миигин наһаа
Ороһуйа көрбөккө
Киэҥ хонноххор хорҕот даа,
Килэмэн көхсүгэр кистээ даа,
Эрэйдээх-муҥнаах уолаттаргын
Эҥсилгэннээх сүүрүккэр саһыаран
Этэҥҥэ уһуннар даа!
Харыйа уола Сибиир ырыаны олус биһирии иһиттэ.
— Биһиги, бүлүүлэр, эһиэкэйи, ырыаны-тойугу олус сөбү
лүүбүт. Түүн түрмэҕэ сытан эһиэкэй этэ сылдьарбын түһүүрүм.
Түһүлгэм кэҥээтэр кэҥээн иһэрэ, дьон бөҕө мустара. Онон
төрөөбүт Бүлүүбүн этэҥҥэ булуом диэн эрэнэбин, өссө да
түһүлгэ төрүттэһиэм дии саныыбын. Кырдьан олорон ыччат-
тарбар, омук сирин хараҥа хаайыытыттан төлө туттаран, аат-
таах киһини Манчаарыны кытта аргыстаспыт дьоллоохпун диэн
киэн туттан сэһэн оҥостуом.
— Маннык киһини кытта аргыстаспытым диэн, хата, мин
киэн туттан кэпсиэм. Мин көрдөхпүнэ, сытар ынаҕы мээнэҕэ
146