Page 138 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 138
киллэрэн төннүбэт сиргэр туттардым. Аны кутуруккунан оон-
ньообутуҥ тохтуо! Хара хаанынан ытатыахтара, иннигин ылыах-
тара! Тойоттору утары көрбөт оҥоруохтара! Оччоҕо мин дьэ
нус-хас буолуом!»
Манчаары туохха түбэспитин дьэ өйдөөтө. Хайдах да өрө
мөхсүбүтүн иһин, тимир хандалы ордук эпсэри ылыа!.. Чоочо-
ну кытта үөхсэн туһа суох. Кини тылын итэҕэйбититтэн бэйэ-
тэ бэйэтиттэн кэлэйдэ. Бу тот, бу холуочук киһийдээни туох
көрүө-истиэ баарай!.. Тоҥхох гынаат, Чоочоҕо сирэйигэр сил-
лиирин оннугар атаҕын анныгар силлээтэ. Тор курдук бытык
таах хаһаак уордаахтык бардьыгынаата: «Что ты плюешься,
инородец! Дикарь! Язычник!» Манчаарыны сутуругунан сы
ҥаахха сырбатта. Манчаары хаптас гынаат, хаһаагы төбөтүнэн
быарга аста, хаһаак муостаҕа тас иэнинэн барда. Хантан эрэ
икки хаһаак бөтөҥкөлөһөн кэллилэр. Манчаарыны түҥнэри ха-
тыйан түһэрээт, саппыкынан бүөргэ, өттүккэ тэбиэлээтилэр.
Бөтүөхтүү аҕылаатылар. Чоочо, этэ салаһан, улахан тойон кэн-
нигэр саста. Күбүрүнээтэр чоноллон турбахтаат: «Ну, доволь-
но!» — диэн бааҕынаабытыгар, хаһаактар, быдьардык маа
тыралыы-маатыралыы, тахсан бардылар. Улахан тойон Ман-
чаары үрдүгэр өҥөйдө: «Ты понимаешь, дурная башка, тыал
утары силлээтэ, бэйэҥ түөскэр таммалаата баар! Вот так!»
Нууччалыы, сахалыы буккуйан итинник эппитигэр, Чоочо
сөбүлэһэн кэҕиҥнээ да кэҕиҥнээ буолла. Манчаары абаҕатын
өһүөннээхтик тобулу көрдө, анарааҥҥыта киэр хайыста.
***
Манчаарыны бу сырыыга уһуннук хаайбатылар. Чоочо до
нуостарын барытын сирийэ ааҕан баран, урут хаайыыттан куо-
та сылдьыбытын быһыытынан кытаанах уурааҕы таһаардылар.
Бириигэбэри ааҕар добдугурас саҥа Манчаары кулгааҕар ой
дуораанын курдук ыраах дуораһыйда.
«Именем Первого Якутский областной земский суд на ос-
новании 11, 12, 13, 14, 105 статей 15 тома свода закона уго-
ловных всемилостиво постановляет: Инородца Василия Ман-
чары за грабеж, насилие, дерзость публично наказать сорока
пятью ударами кнутом и поставя узаконенные знаки, сослать
в каторожную работу, пресечением способов к побегу…» саҥа
дуорааннара күн сирин үрдүгэр аллараа дойду түгэҕиттэн эҥ-
силлэн, дуорайан тахсар курдуктара… Ама итинник сааттаах
ынырык дьүүлүнэн дьүүллэнэр буолла дуо?! Ама да?! Ириэ
нэх эттээх икки атахтаахтар айыы киһитигэр хайдах итинник
138