Page 194 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 194

СЭТТИС КЈСТҐҐТЭ

                                        У й б а а н, Д о р о п у у н.
                                          Доропуун киирэн кэлэр.

    У й б а а н. Нохоо! То±о кэллиІ?
    Д о р о п у у н. Ээ, бэйэм, санаабын соруктанан.
    У й б а а н. Кэм, кірдµµ буолуо?..
    Д о р о п у у н. Тойонуом! Кірдµµ буолумуна. Сµл-сыгын-
ньах буолан хааламмыт, куоратчытынан таІас ыллараайамый
диэн, эйигиттэн биэс сµµґµ иэс кірдіґі кэлэн турабын. А±ы­
йах хонукка диэри сал±аатаргын абырыаІ ээ.
    У й б а а н (кірбіккі олорон). Санаата±ыІ аайы кэлэн
ылар­гар манна эн дьааґыктаах харчыІ суо±а дии?
    Д о р о п у у н. Тойонуом, аґынаарай диэн кээлтим… Инньэ
гынан?..
    У й б а а н. Инньэ гынан кµµскµнэн ылан тахсаары тура±ын
дуо? Бар, та±ыс!.. Эн санаата±ыІ аайы ылар дэлэй харчым
суох. Тахса тур!
    Д о р о п у у н. Дьэ бэрт да буолар эбит… (Тахсар.)

                                        АХСЫС КЈСТҐҐТЭ

                                              У й б а а н со±отох.

    У й б а а н. Ити киґи миигиннээ±эр быдан дьоллоох. Ити
кірдµµр биэс сµµґµн буллар эрэ, киниэхэ туох да наадата
суох. Аччык даа буолла±ына, кимиэхэ да хоргуппат. Кини мин
курдук туохтан да санаар±аабат, кµннээ±и аґыыра эрэ баар
буолла±ына, киниэхэ ким да тэІэ суох курдук сананар. Итин-
никтэргэ иэс буолуохтаа±ар босхо да биэриэххэ сіп этэ да,
ону мин киґиэхэ биэрэри быґа±ынан анньар кэриэтэ саныы-
бын. Туох муодата эбитэ буолла? Ити эрэйдээххэ биэриэх да
баар эбит, оччону син µлэлэтэбин-хамнатабын ээ. Кимиэхэ
эмэ тугу эмэ биэрээри гыннахпына, туох эрэ илиибиттэн тар-
дарга дылы гынар буолла±а µґµ. Ити курдук туох санаа кии­
рэрэ буолла?.. Ок-сиэ, мин сыыґа да оло±у олордум. Туох
буолан буруйа суох киґини уган биэртим буолуой… Ыарахан
аньыыны-буруйу оІостуннум быґыылаах. Ол да иґин таІара
бу курдук накаастаан эрдэ±э буолуо…

                                       ТОХСУС КЈСТҐҐТЭ

                                          У й б а а н, Б о л т о ґ о.

    Б о л т о ґ о (киирэн тоІхох гынар). Тойон, дорообото тут.
    У й б а а н. То±о кэллиІ?

 194
   189   190   191   192   193   194   195   196   197   198   199