Page 199 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 199
Ааҕыы, ырытыы
ДЬАДАҤЫ ДЬААКЫП
Ооньньуур дьоно
Д ь а а к ы п о ҕ о н ь н ь о р — биэс уончалаах.
Э м э э х с и н — кини ойоҕо, кырдьаҕас, хараҕа һуох.
Д ь ө г ү ө с с э — кинилэр уоллара, отуччалаах киһи.
Х о б о р о о с — кини ойоҕо, эдэр дьахтар.
М э х э э л э — Дьаакып оҕоньньор кыра уола.
Д а а й ы с — Мэхээлэ аҕаһа, уон алталаах кыыс.
Б ы ы п с а й Б а й б а л — биэс уонуттан тахсыбыт баай киһи.
Н ь у к у л а й — Быыпсай Байбал уола, 20‑тэн тахсыбыт.
У һ у н Ы с т а п а а н — эдэр дьадаҥы киһи.
У о л — хамначчыт.
К и һ и — Ньукулай доҕоро киһи, куһаҕан таҥастаах.
Д о р о п у у н — 40‑наах, дьиэ эргиннээҕи дьадаҥы киһи.
Д э һ э э н ь н ь и к — түөрт уончалаах дьадаҥы.
ИККИС ТӨГҮЛЭ
Маҥнайгы төгүлүттэн биэс сыл ааспытын кэннэ.
Дьаакып оҕоньньор кыстыга. Дьиэ иһинэн хотон ааннаах.
Д ь а а к ы п о ҕ о н ь н ь о р уот иннигэр аргыньньахтыы олорор.
Д а а й ы с иистэнэр. Д ь ө г ү ө с с э таһыттан киирэн хаарын тэбэнэр.
Д ь а а к ы п. Ханна сырыттыҥ, тугу-ханныгы биллиҥ?
Д ь ө г ү ө с с э. Мас тиэйэ таарыйа, Мылтас уола Өндү
рүүстээххэ һырыттым: тойонноро куораттан тахсыбыт.
Д ь а а к ы п. Дьэ онно туох солун баарый? Кэпсиэ.
Д ь ө г ү ө с с э. Суох. (Сиэбиттэн сурук ылар.) Бу биһиги
Мэхээлэбит ыыппыт, үчүгэйдик сыдьдьар үһү.
Д ь а а к ы п. Ээ (хаба тардан ылан, тула көрөн баран
уурар). Били Ньукулай кэллэҕинэ аахтаран истиэхпит. Оҕом
барахсан тугу эрэ суруйаахтаата буолла?
Д ь ө г ү ө с с э. Ээ, ол киһи эйиэхэ сурук ааҕар солото
суох быһыылаах. Хааттылаабыта түүннээх күн буолбут үһү.
Элбэх хаччытын уонна атын сүүттэрэн баран, аны сакалаат
ууран ооньньуу олорор дииллэр. Бэйэтэ өлөр итирик. Быыпсай
оҕоньньор кэлэн сыньньа сыспыт, онуоха даа истибэтэх үһү.
Киһи диэн кэмэ һуох мустубут.
Н ь у к у л а й (доҕор киһитиниин киирэллэр, улахан ити-
рик). Оҕоньньоор, тур, мин кэллим, итирикпин даҕаны, итири
гим даа һуох. Хаатты ооньньоон сүүттэрдим, арыгы иһэн ай-
манным. Чэ, ол туох буолуой, оҕом иньньэ дии-дии Байбал
оҕоньньор муспута элбэх буолуо. Кини хааннаах хара көлөһү
нүттэн чааспын матайдаатаҕым дии. Оннук буолбат дуо, нохоо?
199