Page 200 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 200

Д о ҕ о р к и һ и. Ээх, оннук, чэ, хата, манна утуй, сынь-
ньан.

    Д ь а а к ы п (туран олорор). Ньукулай кэлбит эбиккин дуу.
Кэпсиэ, туох солун баарый?

    Н ь у к у л а й. Суох, арыгыттан атыны тугу да билбэппин.
Сурук кэллэ диэбиттэрин иһин манна кээттим. Бу да иирдэр-
бин, доҕорум Мэхээлэ сураҕын суруу сыльдьабын ээ. (Сиэбит-
тэн биир иһит арыгыны остуолга уурар.) Хобороос, чааскыта
аҕал эрэ.

    Д ь а а к ы п. Ээ, буолаахтаамына. (Суругун ылан баран.)
Хата, мэ эрэ, бу суругу ааҕан кулу, оҕом тугу суруйар эбит.

    Н ь у к у л а й (уот иннигэр салҕалыы-салҕалыы туран
ааҕар). «Таптыыр аҕам! Үчүгэйдик олоробун. Үөрэхпин быйыл
бүтэрэбин. Сайын тахсыам. Эһиги хайдах олороҕут?» Сорҕо-
тун хойут ааҕыллыа, биһиэхэ үчүгэйдик эрэ сыльдьар буоллун.
(Ааҕар.) «Эн уолуҥ Мэхээлэ», бүттэ, оҕоньньоор, ууран кэбис.
(Арыгытын чааскыга кутан баран) Мэхээлэҥ үчүгэйдик сыль-
дьар үөрүүтүгэр мэ, оҕоньньор, маны иһэн кэбис. Миигиттэн
букатын куттаныма, кыбыстыма, ончу тугу даа оҥоруом суоҕа.

    Д ь а а к ы п. Баһыыба! (Иһэр.)
    Н ь у к у л а й (Хоборооско кутан биэрэр). Хобороос, туох
эмэ ыстыырда булан аҕал эрэ.

                                 Таһыттан Д а а й ы с күрдьэх тутан,
                              Д ь ө г ү ө с с э мас көтөҕөн киирэллэр.

    Н ь у к у л а й (Даайыска, Дьөгүөссэҕэ кутуталаан биэрэр).
Дьэ, оҕоньньоор, аҕам оҕоньньор бэйэм курдук буолумаары
гыннаҕа диэн өлүү бөҕөнү көрөн эрэр. Кинээскэ үҥэн сибиик­
кэлэтиэх буолар. (Күлэр.) Чэ, бэйи көрүөхпүт, сибииккэнэн
куттаан көссүө оҥороору гынара буолуо даа… хата, мэ, оҕонь-
ньор, иһэн кэбис.

    Д ь а а к ы п (иһэр). Ону-маны саҥарба, доҕоор. Ити курдук
кытаанахтык саҥарар диэн баара дуо. Аҕа хоргуппута чэпчэ-
ки буолар. Кыыһырбыта аастаҕына үчүгэй буоллаҕа дии, хата,
олус саҥарба.

    Н ь у к у л а й. Оо, дьэ, төрөппүт даа аҕа буолтун иһин, кы­
һыыта-абата бэт эбээ. Суоч-чоҕотох мин киниттэн сылтаан бу
курдук сыльдьабын. Мин даҕаны киһиттэн итэҕэһэ суох киһи
кэбэлийэн эрдэҕим буолуо ээ. (Арыгытын барытын иһэр.) Но-
хоо, куоратчыкка бар  — икки иһит арыгыта түргэнник аҕал,
суох таа, баар да диэбэтин, булгу биэрдин! (Сиэбиттэн икки
манньыаты ылан остоолго быраҕар.)

    Д о ҕ о р к и һ и. Ол киһи миэхэ биэриэ суоҕа ээ.

 200
   195   196   197   198   199   200   201   202   203   204   205