Page 204 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 204
тар, хааттылатар буоллуҥ ээ. Ити сөп майгы дуо? Мэниги,
акаарыны, буойуоххун, үөрэтиэххин билиминэ, тэптэрэ оло-
роҕун. Арба, эн үөрэхтээх уолгуттан куттанан, мин тугу да гы-
ныам суоҕа! Бэйи, тохтоо, эн уолуҥ үөрэҕэр сыыҥтыахпын
даа баҕарбаппын, эн ону иһит, мин уолбун манна сыльдьыбат
гына оҥоруом, хара ыт!
Д ь а а к ы п. Ээ, кырдьаҕаас, туох диэн эттэҥий, мин хому-
ру тутан буойуох киһим дуо? Бэл, эн тылгын истибэт буолбат
дуо? Кырдьаҕас, алҕас миэхэ уордайаҕын ээ.
Н ь у к у л а й. Ити оҕоньньору тоҕо күргүйдээтиҥ, кини
туох таа буруйа һуох. Буруйдаах, аньыылаах мин олоробун,
дьэ ону миигин хайтах гынаҕын? Дьэ, эн бэйэлээхтэн төрөөбүт
мин бэйэлээх арыгыһыт, хааттыһыт илээт буоллум! Ону хайтах
гынан тохтотуохха, буойуохха һөбүй? Тохтот, буой, хамначчы-
тыҥ Күдээрик Өндүрэй уола кинээс өлбүтэ дуо? Кытаанах
ууруута уурдардаҕыҥ дии.
Б а й б а л. Бэйи, чуубурҕаан эр. Мин эйигин бар дьон от-
тотугар сырайгын саатырдыам, хара түөкүнү, эйигин миигин
кыһыппытыҥ курдук кыһытыам (Ньукулай күлэр). Миигин аба-
лаабытыҥ курдук абалыам. Дьаакып оҕоньньор, мин уолбун
хорҕотон олорон мин хааннаах хара көлөһүммүн хоро таттаран
туһаммытыҥ балай эмэ буолуо, онон иэспин аҕал. Истэҕин
дуо, аҕал диибин дии (хаһыытыыр).
Н ь у к у л а й (туран остуолу охсо-охсо). Мин, эн уолуҥ, бу
оҕоньньорго салҕаабыт иэскин мин ылан сиэбитим. Ону мии-
гиттэн иэстээ, бар, үҥ…
Д ь а а к ы п. Эн оҕоҕун хорҕотон олорон хоро таттаран сии
иликпин, иэскин буллахпына биэриэм буоллаҕа дии.
Б а й б а л (уолугар). Хара түөкүн! Сүөһүбүн толоонунан ту-
тан бараабытыҥ ордугун аны дьонунан сиэтэриҥ итэҕэс буол
бут дии. Ыты ыт оҥоруом, хата, билигин сырайгын-хараххын
бысталаан тахсаайабын! (Хаһыытыы-хаһыытыы ынан тиийэр.)
Н ь у к у л а й (утары). Бэйи, аргыый, илиигинэн дьүүллүү
рүҥ ааспыта буолуо. Бар, үҥ, үҥ диибин дии!
Б а й б а л. Аны биирдэ саҥар эрэ, сиэхсит! (Охсоору гы
нар, Дьөгүөссэ икки ардыларыгар быыһыы турар, кинини аһа-
ран, сыыһа охсор.)
Д ь ө г ү ө с с э. Кэбиһиҥ, доҕоттор, иирсимэҥ. Маннык бы
һыы диэн туох аатай, кэбиһиҥ, тохтооҥ.
Н ь к у л а й. Бэйи доҕоор, тоҕо тутаҕын, мин охсуом суоҕа.
Б а й б а л (өрө бөтүөхтүү-бөтүөхтүү аан диэки барар).
Бэйи, тыыннаах ыт, тыынан эр, сөпкүн көрдөрүөм. Эйигиннээ
204