Page 208 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 208
һик дии. Ол иннигэр кини тугу эрэйдэнэр үһү? Үс таҥара
ырыатыгар түбэһиннэрэн ахтарыгар биирдии оҕуһунан, атынан
ылан истэҕинэ…
У й б а а н. Эдэрдэр тылгыт ити буоллаҕа. Хайа, буоругар
ыллаан түһэрбитэ, бачча дойдуга бара һыльдьыбыта мээлэ
буолсу дии?
Д ь а а к ы п. Ол баай оҕоньньортон ылбыта туох буолуой,
оннооҕор үнүрүүн биир дьадаҥы киһи өлбүтүгэр икки ынаҕыт-
тан биирдэрин нэһиилэ бэт көрдөһүүнэн ылбыт этэ. Оҕо сү
рэхтэниитэ, дьахтар бэргэһэлэниитэ, кириэс сырытыннарыы-
та — барыта тус-туспа сыана, харчы буолан иһэр. Ити Айах
Дьаакып, харчы булумуна, оҕотун сүрэхтэппэккэ улаатыннаран
эрэр. Лэгиэнтэй уола, хаччыта һуох буолан, ойоҕун бэргэһэ-
лии илик. Быыпсай оҕоньньортон баран эһиилги арыыга харчы
көрдөөбүтүн аккаастаан ыыппыт сурахтааҕа.
У й б а а н. Хойутаатым ээ, бадаҕа… (Турар.) Бу оҕоньньор
эмиэ бүрүстүүбүньньүк буолбут дуу, киһи һытаан даа кэпсэтиэ
һуох. Чэ, бырастыыларыҥ (Тахсар.)
Д ь а а к ы п. Тукаам, хор, биһиги ити курдук бэйэ-бэйэби-
тин тутуһан сиэһэ, хобулаһа, сырай-харах буолса олоробут.
Ити оҕоньньор Быыпсайга биир чэй куһуогун булан барда дуу,
суох дуу…
Айыы-айа, липпэрэ олорон хаалаары гынным, оҕолоор! Кы-
рыйдым, буорайдым, бэйи таһыдьдьа тахсан, ону-маны гым-
мыта буолан көрүүм. Даайыс, остоолгун хомуйан баран, ынах-
хар тахсаар.
Д ь а а к ы п тахсар, ол кэнниттэн Д а а й ы с.
Дьиэ иһэ им-ним. Мэхээлэ һытан эрэн кинигэ ааҕан баран,
туран олорон табаах тардар, дьааһыйар.
М э х э э л э. Хайа, соҕотоҕун хаалбыт эбиппин дуу. (Туран
икки илиитин хармааныгар уган баран, төттөрү-таары хаамы-
талыыр.) Таак! Чэ, мин манна хааларым буолуо, туох күүспү-
нэн соҕоруу үөрэнэ барыамый, хааһына көмө биэрэрэ һуох…
Ити курдук үөрэнэ-үөрэнэ сир ортотуттан хаалан истэхпит.
Саха үөрэхтээх буоларыгар ким даа баҕарбат… Дьэ билигин
тугу гыныахпар сөбүй, тугунан кыра дьоҥҥо үөрэммиппин
биллэриэхпэр сөбүй? (Тохтуур.) Ок-сиэ, көр ити Ньукулай ма-
ладьыас киһи тахсыбыт ээ, быһыыта. Киһи барыта кини кур-
дук санаалаах буолара ыраах буолуо ээ, ол эрээри дьоҥҥо
үөрэҕи аспыт, олох быһыытын-майгытын көрдөрбүт киһи, ки-
нилэр даҕаны син өйдөнөн, билэн барыа этилэр. Кыһаммыт
киһи дьоҥҥо хайтах кыра эмэ үтүөнү оҥорбот буолуой. (Тох-
208