Page 213 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 213
ҕа. Сөбүлүүр буолларгын, миигинэ да суох кэпсэттэҕиҥ дии.
Айыы-айа. (Үөһэ тыынар.) Мин эйигин ити курдук, туспа са
наалаах киһи буолуо дии санаабат этим…
М э х э э л э (курус гынар). Аҕаа, мин эйигин ити курдук
тыйыс, кытаанах буолуо дии санаабат этим ээ…
(…)
Мэхээлэ Уйбаан оҕоньньордуун
Быыпсай Байбаллаахха кэһиилэнэн бэрэмэдэйдэнэн кэргэн кэпсэтэ
кэлэллэр. Тыл тылларыгар киирсэн, сөбүлэһэн, илии охсуһан,
ас тэринэн аһыыллар. К ы ы с т а а х у о л уураһаары гынан эрдэхтэринэ,
Н ь у к у л а й дьиэ иһигэр соҕотохто баар буола түһэр,
соһуйан бары олоро түһэллэр.
Н ь у к у л а й (сирэйэ-хараҕа турбут, итирик киирэн, оло-
рор дьон иннигэр турар). Дорообото тутуҥ! Байбал оҕоньньор,
куттаныма, хоргуйан ас көрдүү, тоҥон таҥас көрдүү кэлбэтим.
Бу суос-соҕотоххун олохтуур үөрүүлээх күҥҥэр мин биир-ик-
ки тылы этиэхпин көҥүллээ. Эрэн, туох да содуому оҥоруом
суоҕа. Дьэ, доҕорум Мэхээлэ, маннык эбиккин дуу?! Ити Бай-
бал оҕоньньор суохтан соролоон, дьадаҥыттан саралаан са-
тыыттан тайаҕын, аттаахтан кымньыытын ылан муспут баайын,
үбүн ылан сиэн туһанаарыгын, эмиэ кини оннугар күөх буруон у
унаарытаарыгын күтүөт оҕо буолан олорор сырайгын бар дьон
көрбөттөр ээ! Бил баһыттан сыгыйбыт диэбиккэ дылы буо-
лан истэхпит. (Сиэбиттэн бытыылкалаах арыгыны ылан тутан
туран.) Атаҕастабыл аччыан кэриэтэ бастаан иһэр, хаһан да
уурайара биллибэт. Оок-сиэ! Эһиги үтүө күҥҥүтүн абааһы кур-
дук саптым ээ, бадаҕа. Үгүһү да саҥаран туһалыыр биллибэт,
син онон өй-санаа угар суох. Байбал оҕоньньор, бырастыы,
аны эн миигинник куһаҕан матаамсык уолу төрөппөтөҕүҥ, мин
эн бэйэлээхтэн төрүөбэтэҕим кэриэтэ буоллун. Эһиги үөрэ-
көтө олорор үтүө доруобуйаҕыт туһугар, үөрүүгүт үрдээтин,
дьолгут тубустун, буруоҕут унаарыйдын диэн, бэйэм булбут
арыгыбын истим. (Соҕотох тыынынан иһэн баран, тохтуур.)
Мэхээлэ, эйигин айан, төрөтөн, маннык олоххо олорпут аҕаҥ
барахсан, эн үөрүүлээх үтүө күҥҥэр сырдык дууһатын таҥа-
раҕа туттаран баран, уҥа оронун үрдүгэр уһуктубат уһун уутун
утуйан сытарын көрөн баран, кырбаатахха да тахсыбатах ха-
раҕым уута таҕыста. Манна ол «үтүө» сураҕы эһиэхэ кэпсии,
иһитиннэрэ кээлтим. Ону иһит, аны Дьадаҥы Дьаакып курдук
киһи үөскүүрэ биллибэт. Хата эһиги, үрүҥ былыты хара былыт
сабарын курдук, сабардаан иҥэн олоруоххут.
Ньукулай саҥарарын быыһыгар этиҥ этэр, тыал тыаһа куугунуур,
дьиэлээхтэр сорохторо хаҥас диэки барбыттар, сорохторо олороллор.
Ньукулай, этэн бүтэрэн баран арыгытын иһэр.
213