Page 214 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 214

Н ь у к у л а й. Чэ, мэһэйдээтим ээ, бадаҕа, куһаҕан киһи
төрөөн, үөрүүлээх күммүтүн буортулаатаҕа диэн хоргутумаҥ,
бука барыгыт, бырастыыларыҥ! (Тутан турар бытыылкатын
сиргэ үлтү быраҕан баран, тахсар.)

    М э х э э л э. Тугу, тугу диэтэ? (Остуолга бүк түһэр.)
    Б а й б а л. Ээ, ити киһи эйигин куттаары эппитэ буолуо.
Хата, уоскуй, баҕар, сымыйа буолуо. Нохоо, бар тахсан көр
эрэ, ити киһи хайа диэки барда.

                                                   У о л тахсар.

    У й б а а н. Мэхээлэ, уоскуй, доҕор, бэйэҥ-бэйэҕинэн ман-
нык диэн баара дуо? Ол кырдьык буоллаҕына, билигин ба-
рыахпыт буоллаҕа дии. Эр киһи ити курдук буолбат куолута.
(Саба түһэн имэрийэр, бары сүрдээхтик куттаммыт курдук
буолаллар.)

                          У о л киирэр, куттаммыт, уҥуоҕа хамсаабыт,
                                 кутталыттан эппэт кэлэҕэй буолбут.

    Б а й б а л. Нохоо, хайа диэки барда?

                                  Уол саҥата суох эппэҥнии турар.

    Нохоо, ыйытабын дии, истэҕин дуо, били уол хайа диэки
барда, тылыҥ тарпыт дуу?

    У о л. А‑ам-паар, ам-паар кэ-кэннигэр.
    Б а й б а л. Туох, туох диигин? Ол ампаар кэннэ диэн тугуй,
киһилии саҥар диибин дии!
    У о л. Ампаар кэ-кэ… кэннигэр быа… быа… быаҕа иҥнэн
ту-ту-рар эбит. Мин.. Мин… кини хайыы үйэҕэ…

                                   Бары тураллар, Мэхээлэ олорор.

    Б а й б а л. Туох, туох диигин, нохоо, тугуй, ол кимий?

                        Б а р ы түргэнник тахсаллар. Мэхээлэ соҕотох.

    М э х э э л э. Ок-сиэ! Олох диэн сүрдээх да буолар эбит,
туох гынаары… (Ытыыр.) Аҕаа, аҕаа!

    Б а й б а л (ааны аһан киирэн сулбу остуол аттыгар кэлэн
туран). Аньыыта суох дуусаны таҥара харайбыт. (Марылаччы
ытаан баран олоро түһэр.)

    Э м э э х с и н (оҕонньор ытаан эрдэҕинэ икки киһиэхэ өйө-­
төн хаһыытыы-хыһыытыы ытаан киирэр.) Оок-сиэ, дьүһүн-дьү­
һүлэнэн, бодо-бодолонон сыттаҕын даа! (Хаһыытаан ытыыр.)

                                                        Быыс.

                                                                                             1914  сыл. Бэс ыйа

 214
   209   210   211   212   213   214   215   216   217   218   219